Page 60 - Саха тыла 7 кылаас
P. 60

Инверсия — этиигэ тыл бэрээдэгин соруйан уларытыы. Хан-
наҕытый, Куочай детдомун оҕолоро? (А)

    Антитеза — икки араас өйдөбүлү утары туруоруу. Бүтүн эрээри —
иччитэх куорат... Тыыннаах эрээри — өлбүт айылҕа... (Софр. Д)

    Анафора — хас да этии саҕаланыытыгар биир тылы хатылааһын.
Саас — хомурах хаар суйданан, күр муус көтөҕүллэн, айылҕа уһук-
туута. Саас — ача күөх анньыыта, сибэкки силигилии тыллыыта.
Саас — үрдүк үөрүү, дьол-соргу, кэрэ кэскил бэлиэтэ.

    Биир олохтоох тылы хатылааһын. Мин олоҕум устатын тухары
төрөөбүт норуотум кыһалҕатын кыһалҕа, соругун сорук оҥостубутум.
Кини үөрүүтүнэн үөрэн, хомолтотунан хомойон олорбутум. (Софр. Д)

    Этиини кэккэлэтии — биир тутуллаах этиини сэргэстэһэ туруо-
руу. Чэйиҥ, дьиэрэлдьитиҥ дьэргэлгэн эһиэкэйи! Чэйиҥ, күөрэл-
дьитиҥ көрдөөх оһуокайы! (ТС)

         123. Аах. Пубулуустукаҕа туттуллар истиил бөгүүрэлэрин
                   өйдөөн көр.

                                 ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУМ

    Төрөөбүт дойдум... Мин этиэм этэ төрөөбүт дойдум хантан саҕа-
ланарын. Суох, кини хантан тайаан сытарын буолбатах. Төрөөбүт
дойду киһи дууһатыгар туохтан саҕаланарын.

    Мин төрөөбүт дойдум олус да киэҥ, нэлэмэн. Туохха тэҥниэхпин
кыайан булбаппын. Кини кэрэтин, баараҕайын санаатахха — санаа
тиийбэт.

    Арааһа, хараҕын саҥа аспыт чыычаах оҕото төрөөбүт куйаара киэ-
ҥин бу маннык сөҕөрө буолуо. Уйатыттан төбөтүн быктаран, тула айыл-
ҕа кэрэтин көрөн, маннык тырыбыныы үөрэрэ буолуо. Куорсун ан-
ньынан, кынатын куурдан, күөх халлааҥҥа көтөн таҕыстаҕына, сир ийэ
бардар-бараммат киэҥ киэлитин көрөн, бу маннык долгуйара буолуо.

    Ити курдук мин эмиэ улаатан истэҕим ахсын ийэ буорбар тап-
талым өссө күүһүрэн иһэр. Өрө көтөҕүллүүлээх, умсулҕаннаах улуу
муусукаҕа тэҥнии саныыбын төрөөбүт дойдубун. Олоххо тардыһыы
модун симфонията буолан ньиргийэр айылҕам уһуктуута.

    Мин санаабар, ... дойдум саҕаланар атахпар туран бастакы хар-
дыыны ... күммүттэн, лыаҕы сырсан тилийэ ... тиэргэммиттэн, сөрүүн
уутугар ... үрүйэбиттэн, бэс чагда саҕалаах Хомустааҕым биэрэгиттэн.

60
   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64   65