Page 64 - Саха тыла 7 кылаас
P. 64
Пубулуустука хабар тиэмэтэ олус киэҥ уонна чуолкай биир аады-
рыһа суох буолан, тыла-өһө араас:
y Саха омук төрүт олоҕор-дьаһаҕар, төрүт өйдөбүлүгэр сыһыаннаах
тыл: тыйыс айылҕа, үрүҥ илгэ, силис тардан, о.д.а.
y Аныгы уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй олоххо, быһыы-майгы боп-
пуруоһугар сыһыаннаах тыл-өс: оҥорон таһаарыы, бэйэни бас би-
линии, дуогабар түһэрсии, о.д.а.
y Киирии тыл, тиэрмин, аныгы аат-суол наһаа хойуу да буолба-
тар, сөбүн көрөн эмиэ туттуллар: судаарыстыба интэриэһэ, өрөс-
пүүбүлүкэ ситиһиитэ, сокуон бырайыага, о.д.а.
129. Этиини ситэрэн уһул. Истииллэр туох уратылаахтарын
болҕойон көр, түмүктэ оҥор.
I. Бэйэ-бэйэтин чугастык билсэр дьон күннээҕи олоххо кэпсэтэр
тыла-өһө _______ истиилэ диэн ааттанар.
II. Уопсастыба олоҕор суолталаах туох эмит боппуруоһу сыр-
датар, киһи өйүгэр-санаатыгар дьайар сыаллаах-соруктаах истиил
_________ истиилэ диэн ааттанар.
III. Араас барамайы, хайааһыны, көстүүнү харахха көстөн кэлэр
курдук уобарастаан суруйуу ________ истиил диэн ааттанар.
IV. Билим, үөрэх кинигэтэ суруллар тыла-өһө _________ истиилэ
диэн ааттанар.
V. Тэрилтэ кумааҕытын толорорго, араас докумуону суруйарга
туттуллар тыл-өс ________ истиилэ диэн ааттанар.
130. Бэриллибит тыллар уонна тыл ситимнэрэ ханнык ис-
тиилгэ сөп түбэһэллэрин быһаар.
Ыйаах, сурук, остуоруйа, боротокуол, сэһэн, уураах, күннээҕи
бэлиэтээһин, хоһоон, ыстатыйа, дуогабар, энциклопедия ыстатыйа-
та, сайабылыанньа, төлөпүөнүнэн кэпсэтии.
131. Пубулуустука истиилин араас ньыматын, тылын-өһүн
уратытын туттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар
(баһылык, оскуола дириэктэрэ, о.д.а.) сурукта суруй.
132. Биирдии буукубаны уларытан атын тылла таһаарыҥ.
Күрэхтэһиҥ.
Холобур: кыыс—киис—тиис—тииҥ.
64