Page 67 - Саха тыла 7 кылаас
P. 67

эҕэрдэлээбит. 7. Сэрииттэн төннүбэтэхтэри кэриэстиибит. 8. Үп-хар-
чы тиийбэтин тыл эппиттэр бэлиэтээбиттэр. 9. Этиллибит кумааҕыга
хаалыа суохтаах. 10. Халаммыттар эрэллэрэ эрэ полиция этэ.

         135. Ускуопка иһигэр ханнык саҥа чааһа баарын ый. Бии-
                   рин талан, этиини ситэрэн суруй.
                   Х о с б ы һ а а р ы ы : Аат туохтуур быһаарыы дьыала,
                   билим (наука) истиилигэр киэҥник туттуллар. Атын ис-
                   тиилгэ саха тылын үөрүйэҕинэн даҕааһын аат быһаарыы
                   буолара ордук.
                   Холобур: Токур тоһоҕо — токурутуллубут тоһоҕо.

    1. Кыыс (аһаҕас, аһыллыбыт) түннүк аттыгар олорон, кинигэ
ааҕар. 2. (Тоҥ, тоҥоруллубут) хатыыс саха саамай күндү бүлүүдэ-
тэ. 3. Ийэм баттаҕын суунаары тааска (сылаас, сылытыллыбыт)
ууну кутта. 4. Дөрүн-дөрүн хотоҥҥо (баайыылаах, баайыллыбыт)
ынах тыынар тыаһа иһиллэр. 5. Оҕонньор (абырахтаах, абырахтам-
мыт) сонун кэтэн, таһырдьа таҕыста. 6. Көрүдүөр ортотугар улахан
баҕайы (киэргэллээх, киэргэтиллибит) харыйа турара. 7. (Мааны
таҥастаах, маанытык таҥныбыт) оҕолор харыйа тула хаамсаллар.

         136. Бэлиэтэммит аат туохтууру көтүтэн, этиини аах (наада
                   сиригэр тыл халыыбын уларыт). Хайата ордугун сыа-
                   налаа. Маннык алҕаһы тумнарга үөрэн.
                   Х о с б ы һ а а р ы ы : Нууччалыы дьыала истиилин
                   тылын туруору тылбаастаан, этиигэ эбии чопчулуур
                   аат туохтуур быһаарыыны туттуу элбээтэ. Онтон этии
                   уһуур, тыл сыыһырар.
                   Холобур: Ити этиллибит итэҕэстэри көннөрүөххэ. —
                   Ити итэҕэстэри көннөрүөххэ.

    1. Араадьыйаны истээччилэр биэрбит ыйытыыларыгар эппиэттии-
бит. 2. Сэриигэ өлбүт буойуннар кэриэстэригэр оҥоһуллубут өй-
дөбүнньүгү туруордулар. 3. Ас атыылыыр маҕаһыыҥҥа сырыттым. 4.
Күнүс биир быраҕыллыбыт өтөххө кэлэн чэйдээбиттэрэ. 5. Айылҕа
аҕалбыт алдьархайыттан эмсэҕэлээтибит. 6. Бэйиэт бэйэтэ суруй-
бут бэйиэмэтин аахпыта. 7. Дириэктэр оскуоланы бүтэрбит оҕолору
эҕэрдэлээтэ. 8. Сүөһүттэн ылыллар бородууксуйа аҕыйаан иһэр.

         137. Хаһыаттан, араадьыйа, тэлэбиидэнньэ биэриититтэн наа-
                   да буолбат аат туохтуур киирбит этиитин холобурдаа.

                                                                                                            67
   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72