Page 63 - Саха тыла 7 кылаас
P. 63

дьа булан, элбэх барбыттартан эрдэ эргиллэн кэлбитим. Кэри-куру
уу чуумпу, кэтиир бүтэй хараҥа, Ыраах ыар хананаада ынчыктыыра
иһиллэр. Икки харах илэ көрөн сөхпүтүнэн, Икки илии тутан-хабан
билбитинэн, — Олох тымырын боппуттарга, Оҕо хаанын тохпуттар-
га Өһөгөйдөөх өс-саас үөскээтэ, Өлүү сүрэҕи уотунан күөртээтэ. (ТС)

         127. Аат суолтатын ылбыт аат туохтууру булан, этии хан-
                   нык чилиэнэ буоларын быһаар.

    1. Таптаабыт тайахтааҕы батыһар. 2. Ууһу кытта олорор уус буо-
лар, уоруйаҕы кытта сылдьар уоруйах буолар. 3. Сатаабат сата
баһын тардар. 4. Сылдьар да сылаалаах. 5. Көмүскэтэрэ көмүскэ-
тин уута, харыстатара эрэ хараҕын уута. 6. Элийбити элиэ сиир,
тутайбыты тураах сиир, быралыйбыты бырдах сиир. 7. Көрдөөбүт
көһүйэ көмүһү булар. 8. Көрдөөбүккүн ыларыҥ буолуо. 9. Хаампы-
тынан хаас оҕото, турбутунан туруйа оҕото.

         128. Аат суолтатын ылбыт барар, барарым, көрбүт, көр-
                   бүтүҥ, туруох, туруоҕа аат туохтууру түһүгүнэн ула-
                   рыт. Ойоҕос түһүккэ туруоран, этиитэ оҥорон суруй
                   (сорох түһүк туттуллубат буолуон сөп).
                   Холобур: Таайбыттааҕар көрбүт ордук. Истибиппин
                   эппэтэҕим.

    Х о с б ы һ а а р ы ы : Аат тыл суолталаммыт аат туохтуур тардыы
сыһыарыытын ылан, тардыылаах аат тыл курдук түһүктэнэр кыах-
таах. Ол эрээри тардыылаах аат туохтуур тылга оччо туттуллубат. Кэ-
тэһэрим кэлбэтэх диэххэ сөп, ол эрээри кэтэһэрбиттэн хомойдум
диэн этэр олуттаҕас.

                         Ситимнээх саҥа

         ПУБУЛУУСТУКА ИСТИИЛЭ АТЫН ИСТИИЛЛЭРТЭН
                               ТЫЛЫН-ӨҺҮН УРАТЫТА

                                      С¥БЭ

        Äîҕîð äîҕîðóí àëäüàðõàéãà õààëëàðáàò.

                                                                                                            63
   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68