Page 62 - Саха тыла 7 кылаас
P. 62
Сылдьыбыттан ыйыт, сыппыттан ыйытыма.
Ыалдьартан илии арахпат, таптыыртан харах арахпат.
Итирбит да, иирбит да — аҕас балыстыылар.
Акаары киһи көрбүтүнээҕэр, өйдөөх киһи сэрэйбитэ ордук.
Мин кэлбитим икки хонно.
Уйбаан кэлэрин ийэтигэр биллэрбэтэх.
Байбыт — бардам, топпут торҕон буолар.
Ыстаабыккын эрэнимэ, ыйыстыбыккын эрэн.
1. Эн санааҕар, аат туохтуур тоҕо быһаарыы уонна кэпсиирэ оруолугар
тэҥник туттулларый? (аат суолталаах? бэлиэ суолталаах? халыып
буолан?)
2. Ханнык түбэлтэҕэ аат туохтуур ааттыйарый?
3. Кэпсиирэ буолан туран аат туохтуур тоҕо түһүк сыһыарыытын
ылынарый? (хайааһын аата номохтоох, бэлиэни бэлиэтиир кэп-
сиирэлээх)
4. Түһүк сыһыарыылаах кэпсиирэ-чилиэн тоҕо аат-чилиэн буолбатый?
(айылҕата атын: биирэ — хайааччы аата, кини — хайааһын аата)
Аат суолтатыгар туттуллубут аат туохтуур ким? туох? диэн ыйытыыга
хоруйдуур, элбэх ахсаан сыһыарыытын ылар, түһүкэнэр, арыт тардыы
сыһыарыытын ылар. Холобур: Куоталаһыыга биһиги оҕолорбут кыай-
быттар (тус туохтуур, 3-с сирэй) Кыайбыттарга кыраамата туттарды-
лар (аат туохтуур, э. ахс., сыһ. түһ.).
126. Бэлиэтэммит тыл туохтуур ханнык халыыба буола-
рын ыйытыы туруоран быһаар. Холобур: Сылдьыбыт
сыыһы булар, сыппыт сыыһын сиир. Ким? Сылдьы-
быт, сыппыт, биир ахсаан, төрүт түһ., туһаан. Сылдьы-
быттар көрбүттэрэ буолуо. Кимнээх? Сылдьыбыттар,
элбэх ахсаан, төрүт түһ., туһаан. Сыппыттан ыйыты-
ма, сылдьыбыттан ыйыт. Кимтэн? Сыппыттан, сыл-
дьыбыттан — таһаарыы түһ., толоруу. Сыппыттааҕар
сылдьыбыт ордук. Кимнээҕэр? Сыппыттааҕар, тэҥнии
түһ., толоруу. Сылдьыбыппын умнубаппын. Тугу? Сыл-
дьыбыппын — тардыы сирэй сыһ., туохт. түһ..
Доҕорум күлүгүн долгуҥҥа көрөбүн, Киниэхэ тугу мин билбэппин
этиэхпин. Кыргыс хаанын кылыстан сотон кыыныгар ситэ уга иликкэ
эмиэ сэрии уота умайда. Ону баара, суолум ортотуттан, сордоох буул-
62