Page 58 - Саха тыла 7 кылаас
P. 58

5. Олох олоруу ыраас хонууну туорааһын буолбатах. 6. Уоһугар
уоһаҕа куура илик. 7. Буутун этэ буспут, холун этэ хойдубут. 8. Өй-
дөөх өйүнэн өлөртөн куотар. 9. Күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүр.
10. Харайбатахха, тимир да дьэбиннирэр.

         119. Ыйытыы туруоран, тус туохтууру уонна аат туохтууру
                   бул. Этии ханнык чилиэнэ буоларын быһаар.
                   Х о с б ы һ а а р ы ы : Аат туохтуур уонна туохтуур
                   үөскүүр халыыба үкчү, ол эрээри тус-туспа ыйытыыга
                   хоруйдуур.

    1. Ийэм бүгүн эрдэ турбут. Эрдэ турбут чыычаах тумсун сот-
тор, хойут турбут чыычаах хараҕын хастар. 2. Эһэм туутун көрбөтөх.
Көрбөтөх харах, истибэтэх кулгаах буолбут. 3. Мин төбөм ыалдьар.
Ыалдьар киһи аһыныгас буолар. 4. Эһэ уордаах да, арҕахха сытар.
Сытар киһи сыыспат, сылдьар киһи алҕаһыыр. 5. Бүгүн эн биһикки
киинэҕэ барыах. Барыах сирэ баҕана үүтэ, кэлиэх сирэ кэлии үүтэ
буолбут. 6. Төлкөҕүн төрүөх ыччаккыттан ыйыт, кэскилгин кэлиэх
ыччаккыттан кэтэс. Быраатым манна кэлиэх буолбута.

         120. Аах. Бэлиэтэммит тылтан ханнык? диэн ыйытыыны
                   туруоран, быһаарыы буолбут даҕааһын ааты уонна аат
                   туохтууру ый.

    Киһи кэмсиммэт олоҕун олордум. Үтүө дьыала өлбөт аналлаа-
ҕын өйдөөтүм. Норуот көҥүлүн, кэрэ кэскилин иһин охсуһар, үлэ-
лиир дьолу эмиэ биллим. Охсуһууга кыайар үөрүүтүн билэр, үлэ
үтүө түмүгүн көрөр үрдүк аналга эмиэ тигистим. (Софр.Д)

  · Суруйааччы тоҕо маннык эппитий?

 121. Аат туохтууру булан, кэмин быһаар.

Аат туохтуур кэмэ туохтуур кэмин кытта үкчү буолар.

    I. Үчүгэйтэн үөрбүт сирэй курдугу өрүү өйдөөбөппүн.       (СО)
          Ынырыктан ытаабыт дьүһүн курдугу ыыра билбэппин.
          Күндүттэн төрөөбүт дойду курдук күндүнү булбаппын.

58
   53   54   55   56   57   58   59   60   61   62   63