Page 56 - Саха тыла 7 кылаас
P. 56

18 §. Аат туохтуур. Суолтата.
    Араастара. Уларыйыыта

         116. Бэлиэтэммит туохтуур этиигэ ханнык чилиэн буоларын
                   уонна туох суолталааҕын быһаар.

    Көтөр кынаттаах ыраахтааҕыта Хомпоруун Хотой уонна сүүрэр
атахтаах ыраахтааҕыта Хахай Тойон онтон сылтаан өстөспүттэр. Күү-
дээх буор хайаны дьөлө сүүрэр, чыычаах суорба хайа нөҥүө көтөр.

Туохтуур быһаарыы уонна кэпсиирэ оруолугар тэҥинэн туттуллар араа-
һын аат туохтуур дэнэр.

 117. Этиилэри өйдөөн ааҕыҥ. Бэлиэтэммит тыллар этиигэ оруол-
          ларын быһаарыҥ.

    Ытыыр киһини уйан киһи дииллэр. Кини «Туруйалар» ырыаны
иһиттэ да ытыыр эбит. Кини ытыырын илэ көрбүтүм. Ытыыр ыраах-
тан буолбат. Этиигэ ытыыр тыл быһаарыы, иккис этиигэ кэпсиирэ
буолбут, онтон үһүс этиигэ ытыырын ойоҕос хайааһыны бэлиэтиир
толоруу кэпсиирэ, төрдүс этиигэ ытыыр тыл туһаан буолбут.

    Бэлиэтэммит аат туохтууру болҕойон көр, тылга хайдах улары-
йар эбитий? Мин кэлбитим, Эн кэлбитиҥ, Кини кэлбитэ, Биһиги
кэлбиппит, Эһиги кэлбиккит, Кинилэр кэлбиттэрэ. — Сирэй сыһыа-
рыытын ылбыт.

    Мин кэлбиппэр ийэм үөрбүтэ. Мин кэлбиппин эн билэҕин.
Мин кэлбиппиттэн эдьиийим соһуйбута. Мин кэлбиппинэн дьонум
астыммыт. — Аат туохтуур кэпсиирэ түһүктэнэр. Ити — тус туохтуур-
тан сүрүн уратыта.

                        Аат туохтуур үөскүүр халыыптара

        Халыып        Ааспыт        Билиҥҥи   Кэлэр кэмнээх
 Буолар               кэмнээх        кэмнээх
 Буолбат                                      -ыах
56              -быт (-пыт,    -ар, -ыыр
                -мыт)                         -мыах,
                                              -ымыах, -ыа
                -батах (-матах, -бат (-пат,   суох

                -патах)        -мат)
   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61