Page 54 - Саха тыла 7 кылаас
P. 54
111. Сыһыат туохтууру атын ситимнэринэн солбуй. Суолта-
тын быһаар.
Холобур: Оҕо бытыктаах киһини көрөөт ытаабыт
(хаһан? Тута хайааһын) — Оҕо бытыктаах киһини көрөн
ытаабыт (тоҕо? Төрүөт суолта) — Оҕо бытыктаах киһи-
ни көрбүт уонна ытаабыт (тоҕо? Төрүөт суолта) — Оҕо
бытыктаах киһини көрбүтүттэн (тоҕо? Төрүөтүн бы-
һаарар суолта) ытаабыт.
1. Куораттан сөмөлүөт кэлбэккэ, үлэбэр хойутуур буоллум.
2. Устудьуоннар этэрээттэрэ хортуоскабытын хомуйан, быйыл бы-
лааммытын кэмигэр толордубут. 3. Суол ньуурун көннөрөөрү ты-
раахтар аҕалтарбыттар. 4. Үлэһиттэр муостаны тутаат, үрэх быһы-
тын аспыттар.
112. Инники турар туохтууру сыһыат туохтуурунан солбу-
йан, этиини аах. Этии иккис барыйаана туох эбии суол-
таны биэрэрин быһаар.
Холобур: Үс тэллэй холбуу үүммүт, сэлээппэлэрэ сыс-
тыбыт — Үс тэллэй холбуу үүнэн, сэлээппэлэрэ сыс-
тыбыт (төрүөтэ көстөр).
1. Харыйалар төбөлөрүн оргууй хоҥкуталлар, улуутуйа нуоҕа-
йаллар. 2. Быйыл саас кэмигэр ардаата, от бэркэ үүннэ. 3. Кү-
һүн кэнчээри быктаҕына, күрүөнү аһаллар, сүөһүнү киллэрэллэр.
4. Уолаттар бары төгүрүччү олороллор, күө-дьаа буолаллар. 5. Киэ-
һэ ас астаатыбыт, өйүөбүтүн бэлэмнээтибит. 6. Хамнас кэллэ, дьон-
сэргэ санаата көтөҕүлүннэ.
113. Үөскээбит аат тылы уонна сыһыаты сыһыат туохтуу-
рунан солбуйан этиини көннөрөн суруй. Этии икки ба-
рыйаана туох атыннаахтарын тэҥнээн көр.
Х о с б ы һ а а р ы ы : -ыы, -ааһын сыһыарыынан үөскээ-
бит аат тыл, -тык сыһыарыылаах сыһыат дьыала,
билим (наука) истиилигэр ордук дьүөрэ. Саха тылын
үөрүйэҕинэн манна сыһыат туохтууру туттар ордук.
I. 1. Олох-дьаһах уларыйыытыттан (уларыйан) саҥа өй-санаа
үөскээтэ. 2. Олохтоох былаас тута дьаһал ылыытыттан (ылан) ал-
дьархай тахсыбата. 3. Бэйэбитин эрэ көрүнүүбүтүнэн (көрүнэн)
54