Page 51 - Саха тыла 7 кылаас
P. 51

16 §. Сыһыат туохтуур тылга туттуллуута

         105. Бэлиэтэммит сыһыат туохтуур үөскэтэр холбоһугар
                   ыйытыыта туруор. Этиигэ ханнык чилиэн буоларый?
                   Туох суолталаах холбоһугу үөскэтэрин быһаар.

    1. Сонно модун куолас ньиргийэ түстэ. 2. Эһиги, Саха сири-
гэр бэйэтигэр наадалаах дьон, Москуба, Кыргыстаан устун тарҕа-
нан хааллыгыт, дойдугутугар төннөн үлэлээҥ. 3. Кимэн киирии
соһуччу бөтөн хаалла, инники иһээччилэр чугуйан бардылар.
4. Бэҕэһээ убайым аах хонон бардылар. 5. Массыына бирилээн
кэллэ, көрөн турааччылар туора силэллэн биэрдилэр. 6. Суоп-
пар бэрт ыксалынан наһыылканы таһааран биэрдэ. 7. Сэ´ээккэ
µрдµнэн халы² µ³рдээх анды аа´ан истэ, ону кытта хас да саа´ыт
ойон тура-тура ытыалаан ла´ыр±атан бардылар.

              Көстөрүн курдук, сыһыат туохтуур хайааһына этии сүрүн хайаа-
         һынын кытта хосуһар эбит: арыт ойоҕос (тутулуктаах) хайааһыны
         көрдөрөр (бу сүрүн суолтата), оччоҕо тутаах хайааһын араас бэлиэтин
         чопчулуур сиһилии арааһа буолар; арыт тутаах хайааһыны бэлиэтиир
         туохтуур көмө суолтаҕа көһөн көрүҥ, кэм, киэп дэгэттэннэҕинэ, сүрүн
         хайааһын оруолун толорор уонна холбуу кэпсиирэ сорҕото буолар.
         Сыһыат туохтуур — сиһилии.
         Сыһыат туохтуур — холбуу кэпсиирэ. Баран хаал, көрө биэр.
         Сыһыат туохтуур — хос хайааһын.
         Сыһыат туохтуур — холбуу тыл сорҕото. Кэтээн көр, кэтээн көрөөччү.

         106. Саха тылыгар -ан/-бакка сыһыат туохтуур олус киэҥ-
                   ник туттуллар. Бэриллибит холобурдарга -ан сыһыат
                   туохтуур туттуллуутун кэтээн көр уонна быһаар.

    I. Харах-Харах уол тахсан көрөн киирэн баран этэр. Алаа Моҕус
хантах гынан баран, Харах-Харах уолу харбаан ылан, ыстаабакка эрэ
ыйыстан кээһэр. Алаа Моҕус сыыгынаан-сыыгынаан, сыһыгыраан-
сыһыгыраан тиийэн кэллэ. Тиийэн кэлэн, дьиэ аанын аһа баттаан,
иһигэр киириэх буолта, били ньылба кулун тириититтэн халтары-
йан, аҕыс ойоҕоһун көҥү түһэн кэбистэ. Дьэ ити курдук Бүүкээнниир
Ыаһах хааннаах хара көлөһүнүн сиэччини халбарытан, кыайан-хотон,
үөрэн-көтөн, байан-тайан, көҥүл көрүлээн олорбута үһү. (НА)

                                                                                                            51
   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56