Page 49 - Саха тыла 7 кылаас
P. 49
Үөрүүбүт өссө ситиэн быатыгар, күлэн-үөрэн, куударалаах бат-
таҕа өрөһөлөнөн, бэрт кылгастык да буоллар Емельян Ярославскай
кэлэн барбыта. Ыччат туох да наһаа үөрэн-көтөн, ыллаан-үҥкүүлээн
баарта. Оччолорго Максим Кирович Киргизстантан кэлэ сылдьара,
оттон Платон Ойуунускай хойутаан кэлэн, биэчэр саҕаламмытын
кэннэ киирэн, кэнники олоххо олорунан кэбистэ. Ону истэн Емельян
Ярославскай кинини бүрүсүдьүүмҥэ үстэ араастаан ыҥыран көрбүт
да тахсыбатах. Бэйиэт туохтан хомойон итинник гыммытын Николай
Егорович тобула сатыыра үһү. Сотору массыына сырылаан кэлбит.
Е. Ярославскай кылгас бырастыылаһар тылы этээт баран хаалбыт.
Кинини Киин Кэмитиэккэ күүтэн олороллоро үһү. (МЧ)
· Ыҥыр, киир, хаал, кэбис туохтууртан сыһыат туохтуур арааһын
үөскэтэн, буолар уонна буолбат халыыпка туруоран суруйуҥ.
Ситимнээх саҥа
ҮЛЭ-ХАМНАС ТУҺУНАН ТИЭКИС (АЙЫМНЬЫ)
ОЙУУЛУУР-СИҺИЛИИР НЬЫМАЛАРА
С¥БЭ
Үòүө ààò-ñóîë áààéäààҕàð îðäóê.
Сахалыы пубулуустука истиилигэр маннык этии элбэхтик туттуллар:
y үөрэ-дьүөрэ тылы туттан төхтүрүйэн этэр биир уустаах чилиэннээх
этии,
y туһулуулаах ыйытыы, күүһүрдүү этии,
y этии чилиэнин соруйан көтүтүү,
y биир тутуллаах кылгас этиини соруйан хатылааһын.
Холобур:
Михаил Тролуков «Көһөҥө көмүс» диэн оҕолорго суруйбут кинигэтэ
таҕыста. Көһөҥө көмүс, сомоҕо көмүс — айылҕаҕа биирдэ эрэ кылам
гынар сэдэх көстүү. Киһи уонна көмүс... Былыр-былыргыттан көмүһү
көрдөөһүн төһөлөөх сыраны ыларай? Төһөлөөх кумаҕы сууйдахха, күндү
49