Page 52 - Саха тыла 7 кылаас
P. 52
II. Дьуһуурунай тиэтэйэ-саарайа хааман, улахан өстүөкүлэ түн-
нүктээх хоһугар киирэн, сиэйпэтиттэн кумааҕыларын ылан, остуолу-
гар тэниччи уурталаата. Тихон Тихонович киниэхэ хайыспакка, киһи
саҥарда диэн эргиллэн да көрбөккө, түргэнник хааман дьулуруйан
дьиэ диэки хаамта. Аҕалара дьиссэртээссийэтин көмүскээн, дьэ
киһилии дьиэлэнэн-уоттанан, үлэлэнэн-хамнастанан олоруох буол-
буттара — ханна баарый? (ЕН)
17 §. Сыһыат туохтууру саҥарар
саҥаҕа туттуу
Сыһыат туохтуур уларыйбат, ол эрээри арыт кэпсиирэ сыһыарыытын
ылыан (сирэйинэн, ахсаанынан уларыйыан) эмиэ сөп.
Холобур: ыалдьан кэлбэтим — ыалдьаммын кэлбэтим;
ыалдьан кэлбэтиҥ — ыалдьаҥҥын кэлбэтиҥ;
ыалдьан кэлбэтилэр — ыалдьаннар кэлбэтилэр.
107. Тиэкиһи ааҕыҥ. Сыһыат туохтуурга кэпсиирэ сыһыа-
рыыта эбиллэрэ дуу, эбиллибэтэ дуу табатын сыаналаан
көрүҥ. Онтон этии ис хоһооно уларыйарын-уларыйба-
тын чопчулааҥ.
I. Күөх Көппө: — Сатаналар, син таҕыстыгыт ээ. Кырдьыга, хо-
бордоох аҕалан таптым. Аат көлөттөрө, син тахсан сааттыгыт дии.
Хас эмэ сиринэн тоҕута көтөн киирэн, бурдукпун адьас бараатах-
тара үһү. Бэҕэһээ бастаан оппор киирэн, маҥнайгы этим буолан,
утуйан абыраммытым. Ол гынан баран бөлүүн хаартылаан алдьан-
ным. (СО)
II. Элбэх дьиэлээх-уоттаах, тиэхиньикэлээх тэрилтэлэр дойду үр-
дүнэн эстэннэр быраҕыллыбыттара, чөл хаалбытын «приватизация»
диэн тылынан саптан аҕыйах дьон хармааннарыгар уктан тиэрэ
байбыттара. Оттон Сэбиэскэй былаас бэлэмигэр, кыһамньытыгар
үөрэммиттэр, кэмигэр өйдөөн кыайан тэриммэккэлэр быста дьа-
дайбыттара. (ЕН)
108. Сыһыат туохтууру үөскэтэн, этиини ситэрэн суруй. Кэп-
сиирэ сыһыарыытын туттар-туттубат ордугун быһаар.
52