Page 69 - Саха тыла 7 кылаас
P. 69

139. Тиэкис истиилин, сүрүн санаатын быһаар, аатта тол-
                   куйдаа.

    Бүрээтийэ тыатыгар сылдьан, олохтоох дьон атаҕын таҥаһа тум-
са үөһэ ханарыйан тахсарын дьиктиргии көрбүтүм.

    — Тоҕо итиннигий? — диэн ыйыппытым аргыспыттан, бүрээт
суруйааччытыттан. Ити курдук өрө мэтэрийдэҕинэ, ордук тупсаҕай
буолан көстөр дуу бүрээт хараҕар?

    — Суох, тупсаҕай көстүүнү эккирэтэ сатаан буолбатах, — диэбитэ
киһим. — Ити — түҥ былыргыттан кэлбит үгэс. Атах тумсунан сири
бааһырдыбат инниттэн итинник ханарыталлар. Кырыһы харыстаан.

    Бүгүн, сир ото-маһа үүнэр уон биэс сэнтимиэтирдээх араҥатын
айылҕа сүүрбэ тыһыынча сыл үлэлээн үөскэтэр диэни ааҕан баран,
ити түбэлтэни өйдүү түстүм.

    Саха этэрбэһэ да итиниэхэ маарынныыр ээ. Өбүгэбит үөскээбит
кырыһын олус да харыстыыр эбит. Харыстаабакка — ол иһин дьон
бииһэ баччаҕа диэри тыыннаах кэллэхпит дии. Айылҕабытыгар бү-
гүҥҥү курдук сыһыаннаспыппыт буоллар, киһи аймах быдан үйэ-
тээҕитэ быстан, сурахтыын да умнуллан хаалыа этэ. (Софр.Д)

    · Ааптар тылын туһанан сиһилии аахпыттан суруй.

      21 §. Үлүбүөй туохтуур. Суолтата.
                      Этиигэ оруола

         140. Этии кэпсиирэтин суолтатын тэҥнээ. Туох дэгэт суол-
                   талаахтарын чопчулаа: -тахха, -ыахха, -арга халыып-
                   тар туох уопсай суолталаахтарый?

    Эн биһикки маҥнай үлэбитин бүтэриэх — Эн биһикки маҥнай
үлэбитин бүтэриэхпит.

    Сарсын муҥхалыы барыахха — Биһиги сарсын муҥхалыы барыахпыт.
    Бу дьону куоракка киллэрэргэ — Бу дьону куоракка киллэриэхпит.
    Бу дьону куоракка киллэрдэххэ — Бу дьону куоракка киллэрииһибит.

         Үлүбүөй туохтуур баҕарыыны, сорунууну көрдөрөр, хайааһыны
     сыал-сорук курдук ылынары бэлиэтиир. Ким хайааһыны оҥороро чопчу-
     ламмат, ол ирдэммэт.

                                                                                                            69
   64   65   66   67   68   69   70   71   72   73   74