Page 71 - Саха тыла 7 кылаас
P. 71

142. Аат туохтуур тус суолтатыгар дуу, үлүбүөй туохтуур суолта-
          тыгар дуу туттуллубутун быһаар.

    «Аҕал» диэтэххэ, антах хайыһар, «ыл» диэтэххэ, ымас гынар, «кулу»
диэтэххэ, курус гынар, «мэ» диэтэххэ, мичик гынар. Көтүөххэ — хал-
лаан ыраах, тимириэххэ — сир кытаанах. Акка ыҥыртахха аҥаар-
даспат тэҥнэр. Отонноотоххо, оҥоойук туолар. Мөккүстэххэ, кырдьык
көстөөччү. Умса түстэххэ, сүүстэн өйүүр, иттэннэри түстэххэ, кэтэхтэн
өйүүр үтүө доҕор. Тутарга-айарга дьоҕурдаах илиибит өлөрөр-өһөрөр
илбиһи иҥэрдин. (ТС) Лена уутун өксөйөн Өрө эрдэн истэххэ, Айан
атын көнтөһүн Айгыраччы туппуттуу, Арҕаа тыаҕа туһаайан Аар-
тык суолбут тыргыллар. (ТС) Үөрэниэххэ, үүнүөххэ үчүгэй да дойду
Өлүөнэ эбэкэм. Литэрэтиирэ киһини үчүгэйгэ тардыһарга, куһаҕа-
ны тумнарга үөрэтэр. (МЧ) Ааҕааччыны өйбүнэн, билиим киэҥи-
нэн чаҕытарга тус бэйэм хаһан да дьулуһааччым суох. (МЧ) Үчүгэй
киһи буолуохха сөптөөх өй, мин санаабар, киһи аайы баар. (МЧ)

        Үлүбүөй туохтуур үс арааһа тылга биирэ тэҥник туттуллубат. -арга ха-
        лыып дьыала тылыгар, -ыахха пубулуустукаҕа, кэпсэтиигэ, оттон -тахха
        өскүөрүтүн этэр түгэҥҥэ ордук дьүөрэлээхтэр, кэпсэтии уонна уус-уран
        истиилгэ туттуллар.

         143. Туохтуур үлүбүөй халыыбын бул, дэгэт суолтатын
                   быһаар.

    1. Ыһыы үлэтин биир дэкээдэнэн бүтэрэргэ. 2. Уураах туолуу-
тун кытаанах хонтуруолга ыларга. 3. Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит
дьоҥҥо суһал көмөнү оҥоруохха. 4. Бүддьүөт үбүн туора наадаҕа
туттууну таһаарыа суохха. 5. Оттон өйтөн суруйууну атын тиэмэҕэ
суруйдахха? 6. Арай атын улууска куоталаһа бардахха? 7. Доҕоор,
сарсын Эбэҕэ куйуурдуу киириэххэ.

         144. Тус туохтууру үлүбүөй халыыбынан солбуйан суруй.
                   Этии ис хоһооно хайдах уларыйарын быһаар.
                   Холобур: От охсуутун сарсын бүтэрэбит. — От ох-
                   суутун сарсын бүтэрэргэ (бүтэриэххэ наада).

    1. Сарсын мунньууну бүтэриэхпит. 2. Ыһыаҕы тэрийэр туһунан
кэпсэтиэхпит этэ. 3. Кылаас мунньаҕар дириэктэри ыҥырыахпыт.
4. Матасыыкыл атыылаһыахпыт этэ. 5. Сайыҥҥы эспэдииссийэҕэ

                                                                                                            71
   66   67   68   69   70   71   72   73   74   75   76