Page 37 - Саха тыла 7 кылаас
P. 37

С¥БЭ

        Áàð äüîí òóһóãàð үëýëýýí-õàìíààí îëîðáóò êèһè ñóîëà ñóðàҕà
   ñóîõ ñүòүөí ñàòàììàò.

                                                                                    Ñîôðîí Äàíèëîâ

          75. Уус-уран хоһуйар ньымалары туһанан П.А. Ойуунус-
                   кайга анабыл хоһоонно (акростих) суруйарга холон.

           76 Ханыыласпыт туохтуурдары төһө билэҕин?

    …-көрүлээ, ыллаа-..., ...-таҕыс, күндүлээ-..., ...-имсэн, ситэр-...,
күл-..., ...-тэһий, хаһыытаа-..., үүн-..., ...-абар, сµµр-..., тирит-...,
сµк-..., ...-алтаа, кэтээ-..., кµµт-....

                 13 §. Ойоҕос киэптэр

         Саха тылыгар кэпсиир киэптэн ураты 9 ойоҕос киэп туттуллар. Саха
     дьоно хайааччы хайааһынын араастаан сыаналыыллар, быһаараллар.

         Ааспыт кэмҥэ сыһыаннаах икки киэп баар: Үгэс киэбэ (-ааччы+
     бын) барааччыбын — барааччыта суохпун, барааччыгын — барааччы-
     та суоххун, барааччы — барааччыта суох, барааччыбыт — барааччыта
     суохпут, барааччыгыт — барааччыта суоххут, барааччылар — барааччы-
     та суохтар; сэрэйэр киэп (-тах+ым) бардаҕым — барбатаҕым буолуо,
     бардаҕыҥ — барбатаҕыҥ буолуо, бардаҕа — барбатаҕа буолуо, бар-
     дахпыт — барбатаххыт буолуо, бардаххыт — барбатаххыт буолуо, бар-
     дахтара — барбатахтара буолуо.

         Билиҥҥи кэмҥэ сыһыаннаах соҕотох киэп туттуллар: Буола илик ха-
     йааһын киэбэ (-а/-ыы илик+пин) бара иликпин, бара иликкин, бара
     илик, бара иликпит, бара иликкит, бара иликтэр.

         Кэлэр кэмҥэ сыһыаннаах 6 киэп баар: Бигэргэтэр киэп (-ыыһы+
     бын) барыыһыбын, барыыһыгын, барыыһы, барыыһыбыт, барыыһыгыт,
     барыыһылар; барымыыһыбын, барымыыһыгын, барымыыһы, барымыы-
     һыбыт, барымыыһыгыт, барымыыһылар. Буолуохтаах киэп (-ыахтаах+

                                                                                                            37
   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42