Page 32 - Саха тыла 7 кылаас
P. 32
синньигэс бииллээх, кулуһун кэриэтэ көбүс-көнө, сып курдук быһыы-
лаах-тутуулаах, уҥуоҕунан орто улахан киһи буола улаатта. (Софр.Д)
V. Кырса тымныыттан харыстыыр муус маҥан, уһун, хойуу түү-
лээх. Киэҥ туундараны кэрийэ сүүрэр түргэн атахтаах. Кыра да
тыаһы истэ охсор сэргэх, чөрөҥнөс кулгаахтаах. Көтөрү-сүүрэри,
саспыты-куоппуту булан көрөр кыраҕы харахтаах. Хаар да анныгар
сытары билэр сытымсах муруннаах.
Оттон сайын ийэ кырса иһийэн хаалар. Үрдүк томторго дириҥ гына
тоҥ буору тобулу хаһар. Хороон оҥостор. Кырса хороонун быта дэнэр.
Онно сыл аайы төрүүр-ууһуур. Кырса хороонугар уон сэттэҕэ тиийэ оҕо-
лоох буолар. Оҕолоро улааттахтарына, тус-туспа бараллар. (НП)
66. Манчаары туһунан тугу билэргин кэпсээ, урут истибэтэх
түгэҥҥин араас литэрэтиирэттэн булан санаа атастас.
67. Саха тылыгар киһини ойуулуур ордук тарҕаммыт тыл-
лары, халыыптары туттан олоҥхо дьоруойдарын ойуу-
луурга холон.
68. Араас барамай, айылҕа көстүүтүн, хамсыыр харамай
ураты бэлиэтин ойуулаан таабырынна таайтар.
32