Page 31 - Саха тыла 7 кылаас
P. 31
эмтиэн сөп. Ол иһин хомусчут хомуһун кытта холбоһон, дууһата дол-
гуйан, иэйиитэ киирэн, имэҥирэн оонньоотоҕуна, хомус дорҕооно
дьоһунтан дьоһун тойук, нарынтан нарын куолас, ыраастан ыраас
ырыа буолан салгыҥҥа намылыйа устар. Хомус хайа да дойду дьо-
нун кутун тутар, дууһатын долгутар, сүрэҕин үөрдэр. (СШ)
II. Өбүгэбит үйэ тухары олорбут саах сыбахтаах саха балаҕана,
омос көрдөххө, олус судургу эрээри, мындыр толкуйдаах, орун-он-
нугар оҥоһуулаах тутуу эбит.
Түүлээх тирии бүрүөлээх халыҥ халҕаны арыйан иһирдьэ киириэ-
ҕиҥ. Туос түннүгүнэн киирэр күн сардаҥата муостата суох туой
буорга ойуу буолан түһэр. Балаҕан хаҥас өттүгэр көмүлүөк оһох
манна «мин баһылыкпын» диэбит курдук туоллан турар. Көбүс-көнө
өһүө ат төбөлөөх ачаах маһыгар куобах туһаҕа ыйаммыт. Балаҕан
эркинин кыйа наара орон субуруһар. Туйах атахтаах сандалы тула
талах олоппос кэчигирээбит. Долбуурга сиэл, кыл тигиилээх ыаҕайа,
тиҥилэх оһуор киэргэллээх кытыйа, айах тутар, кымыс иһэр чочуо-
най чороон кэккэлээбит. Оттон бу сиидэс быыстаах хаппахчы —
кыыс оҕо улаатар уйата.
Саха олох олорор, оҕо төрөтөр көмүс ньээкэ уйатын олус кичэ-
йэн оҥостор эбит.
III. Сайыҥҥы хараан киэһэ... Бары-барыта сөрүүкээн, уоскуйа
быһыытыйда.
Күнү быһа суһумнуу хамнаабыт баай хатыҥ сылайбыт курдук ну-
харыйан барда. Дьөрү биир да лабаа күөгэлдьийбэт, биир да көмүс
сэбирдэх илир гыммат. Оттон ити кылбаа маҥан сотолору көрүҥ
эрэ! Эчи, ыраастарын-маҥаннарын, эчи, үчүгэйдэрин!
Хатыҥ барахсан туһата да элбэх. Иһит-хомуос, туттар сэп-сэбир-
гэл хатыҥтан оҥоһуллар. Араас ыарыыны эмиэ хатыҥ сэбирдэҕинэн,
уутунан эмтииллэр. Маннык мааны маһы, ама, ким сөбүлүү көрбөт,
таптаабат буолуоҕай?!
IV. Манчаары уон аҕыһын туолла. Кини арыы саһыл хааннаах,
уһун соҕус эттээх сирэйдээх, көмөрүнэн соппут курдук хара хааһын
анныгар эрэдэһиннээх үүн тиэрбэһинии эриличчи көрбүт киэҥ ха-
рахтаах, умсары соҕус үрдүк сүүстээх, кырыылаах муруннаах, куп-
пут курдук толору былчыҥнаах, тилэри тэбэн тахсыбыт өттүктээх,
31