Page 30 - Саха тыла 7 кылаас
P. 30
дьаахтаабыт эбит. Улахан уоллара Уйбаан Миитэрэйэбис киһийдэх
дьонугар сылдьыбат эбит — Улахан уоллара Уйбаан Миитэрэйэбис
дьонугар сылдьаахтаабат эбит — Улахан уоллара Уйбаан Миитэрэ-
йэбис киһийдэх дьонугар сылдьаахтаабат эбит. Доҕорум Бүөтүр ба-
рахсан, кэлбиккин дуу? — Доҕорум Бүөтүр, кэлээхтээбиккин дуу? —
Доҕорум Бүөтүр барахсан, кэлээхтээбиккин дуу?
Ситимнээх саҥа
УУС-УРАН ОЙУУЛААҺЫН УРАТЫТА
С¥БЭ
Ýéý — àéàð, ñýðèè — àëäüàòàð.
Ханнык баҕарар барамай, сир-дойду, хамсыыр харамай араас үлэ-
хамнас, киһи тас көрүҥэ, быһыыта-майгыта барыта бэлиэлээх, туох эрэ
атыннаах. Ону арыйан, сиһилээн көрдөрөр тиэкис ойуулааһын буолар.
Ойуулааһын икки араастаах: судургу ойуулааһын уонна уус-уран ойуу-
лааһын. Судургу ойуулааһыҥҥа барамай сүрүн тас бэлиэтэ суруллар.
Уус-уран ойуулааһыҥҥа барамай бэлиэтэ толору көрдөрүллүбэт, чаҕыл-
хай уонна ордук көстүмтүө өттө ойууланар. Ааптар ити ойуулааһыныгар
эпиитэттэри, тэҥнэбиллэри уо.д.а. туһанар. Оччотугар ааҕааччы (истээч-
чи) көрбөтөр даҕаны көрбүт курдук, толору өйдөбүлү ылар.
65. Тиэкистэри болҕойон аах. Ойуулааһыҥҥа ханнык саҥа
чааһа ордук элбэхтик туттуллар эбитий? Бу тиэкис-
тэртэн хайатын ордук биһирээтиҥ? Тоҕо?
I. Хомус — аан дойдуга киэҥник тарҕаммыт үстүрүмүөн. Көрүҥэ
боростуой эрээри, кыаҕа улахан, тыаһа нарын-намчы, муусуката
дьикти, кэрэ, хоһооно хомуһуннаах. Киһини кытта кыттыһан, киһи
тыынынан тиллэн оонньуур буолан, хомус киһилии кэпсиэн, сахалыы
саҥарыан, үөрүүнү үрдэтиэн, мунчаарбыты уоскутуон, ыалдьыбыты
30