Page 34 - Саха тыла 7 кылаас
P. 34

69. Тиэкистэн туохтууру булан ханнык кэмҥэ турарын
            быһаар. Туохха олоҕуран быһаарбыккын чопчулаа.

    — Алёна, сарсын эмиэ көрсүөххэ эрэ, Тааттаҕа барыаххар диэри
ахсааннаах хонук хаалбыт дии?

    — Чэ, билсиэхпит, — диэтэ кыыс быһаарыыта суохтук уонна
дьиэтин диэки тоһугуруу турда.

    Оттон Эллэй сүүрэр-хаамар былаастаан, дьиэтигэр тэбиннэ. Аан
тыаһаабытыгар, ийэтэ кэлэн кинини көрөн үөрдэ:

    — Хайа, тоойуом, хата, эрдэ кэлбиккин дии, аһыыгын дуо? Би-
лигин миин сылытыам, — диэбитигэр уола тиэтэйэ-саарайа хааман
иһэн, саннын үрдүнэн бырахта:

    — Ийээ, аһаан ахан кэллим, топпун, билигин, баһаалыста, арал-
дьытыма, төлөпүөҥҥэ ыҥырдахтарына суох диэр, кыратык утуйа
түһүөм этэ.

                 Саха тылын туохтуурун кэмнэрэ

                Ааспыт кэм      Билиҥҥи кэм     Кэлэр кэм

    Билигин      Урут

    -т (д) + м   -быт (-пыт,    -(ыы)/-а/-ар +  -ыах(-ыа) + м
                 -мыт) + ым     быт
                                                Барыаҕым/
1.  Бардым,      Барбытым,      Барабын,        барыам,
    үлэлээтим    үлэлээбитим    үлэлиибин       үлэлиэҕим/
                                                үлэлиэм
2.  Бардыҥ,      Барбытыҥ,      Бараҕын,
    үлэлээтиҥ    үлэлээбитиҥ    үлэлиигин       Барыаҕыҥ/
                                                барыаҥ,
3.  Барда,       Барбыта,       Барар,          үлэлиэҕиҥ/
    үлэлээтэ     үлэлээбитэ     үлэлиир         үлэлиэҥ

4.  Бардыбыт,    Барбыппыт,     Барабыт,        Барыаҕа/
    үлэлээтибит  үлэлээбиппит   үлэлиибит       барыа,
                                Бараҕыт,        үлэлиэҕэ/
5.  Бардыгыт,    Барбыккыт,     үлэлиигит       үлэлиэ
    үлэлээтигит  үлэлээбиккит   Бараллар,
                                үлэлииллэр      Барыахпыт,
6.  Бардылар,    Барбыттара,                    үлэлиэхпит
    үлэлээтилэр  үлэлээбиттэрэ
                                                Барыаххыт,
                                                үлэлиэххит

                                                Барыахтара,
                                                үлэлиэхтэрэ

34
   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38   39