Page 28 - Саха тыла 7 кылаас
P. 28

Көрүҥ            Халыыба            Холобур
Төхтүрүтэлиир
Тиэтэтэр           -аталаа, -талаа    Уйбаан дьонун
                                      биир-биир
                   -бахтаа, -махтаа,  санаталыыр.
                   -пахтаа
                                      Тукаам, тиэтэй,
                                      хаампахтаа.

          Төхтүрүтэлиир көрүҥ икки суолталаах: хат-хат, үрүт-үрдүгэр
          эбэтэр утум-ситим оҥоһуллар хайааһыны көрдөрөр.

          58. Бэлиэтэммит төхтүрүтэлиир туохтуур ханнык суолта-
                   тыгар туттуллубутун быһаар уонна ол туохтан тутулук-
                   таах эбитин тойонноо.

    Эһэ абарбыттыы икки баппаҕайынан сири сабырҕаталаата уон-
на хатан баҕайытык кыланыталаан ылла. Андаатар илим ситимин
хас да сиринэн бысталаан барбыт. Балыксыт күөлгэ илимнэрин
көрүтэлии сылдьар. Оҕо ааҥҥа барбатын диэн, балтым устууллары
кэккэлэтэлээбит.

    Тыаһы үтүктэр тыллартан төхтүрүтэлиир суолта -ҕаа, -ырҕаа, -даа,
-ырдаа, -ылаа, -ҕынаа, -гыраа сыһыарыыларынан, оттон дьүһүннүүр
тыллартан -ҥнаа, -ҥалаа, -ҥхалаа, -ҥхастаа, -рый, -лдьый, -рдаа,
-хаччый, -аарый сыһыарыыларынан үөскүүр. Холобур, Кустара маа-
тырҕаһа-маатырҕаһа көтөн таҕыстылар. (АН) Кыбыы кэтэҕэр эмискэ
тураах дааҕырҕаата. Сотору кыра кыыс оҕо түөрэҥнээн киирэн кэл-
лэ. Ынахпыт сайылыгар кэлэн атыннык ханалдьыйар буолла. Ойуур
быыһынан дэриэбинэ уоттара кылахачыстылар. Кумахха хаастар түһэн
ханардастылар.

       59. Төхтүрүтэлиир көрүҥ икки суолтатыгар иккилии холо-
               бурга өйгүттэн этиитэ булан суруй.

    Тиэтэтэр көрүҥ сүрүн суолтата тэтимнээхтик, түргэнник оҥоһуллар
хайааһыны көрдөрүү. Ону тэҥинэн уһуннук, элбэхтик; хатыланан түр-
гэнник уонна кылгас кэмҥэ тэтимнээхтик, ситэтэ суох, тохтоон хаалар
хайааһыны бэлиэтиэн сөп.

  60.  Тиэтэтэр көрүҥ араас суолтатыгар биирдии холобурда өйгүт-
       тэн булан суруй.
28
   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32   33