Page 23 - Саха тыла 7 кылаас
P. 23
чылара: А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов, Н.Д. Неустроев, П.А. Ойуунус-
кай сахалыы уус-уран истиили төрүттээбиттэрэ.
Уус-уран истиил маннык ураты бэлиэлээх:
1) тыл күүһүнэн киһи дууһатыгар, иэйиитигэр дьайар;
2) араас уус-уран сиһилиир ньыманы туһанар.
Сахалыы уус-уран истиилгэ дорҕоону дьүөрэлээһин, эпиитэт, тэҥ-
нээһин, омуннааһын, тыыннааҕымсытыы, о.д.а. киэҥник туттуллар.
Саха тылыгар дорҕоон дьүөрэлэһиитэ (сингармонизм) биир эрэ
тылга буолбакка, тыл ситимигэр, устуруокаҕа, бүтүн этиигэ кытта дьайар.
Xолобур: кыыһырбыккын кыйдаа, уордайбыккын уҕарыт (кыы-кы, уо-у);
Дьоһун-мааны дьоннордоох, талыы-талба дьахталлардаах, өйдөөх-үтүө
уолаттардаах, кырасыабай кыргыттардаах Кыыллаах Арыы барахсан!
(о-у, а-ы, ө-ү, дь-дь, т-т-дь, рд-рд).
Барамайы, көстүүнү уус-ураннык хоһуйан быһаарыы эпии-
тэт дэнэр. Холобур: чыычаах уйата, тоҥ эт — судургу быһаа-
рыы. Көмүс уйа, тоҥ сүрэх — уус-уран быһаарыы, эпиитэт.
Дьиҥэр, уйа көмүс, оттон сүрэх тоҥ буолбат, бу хоһуйан, уоба-
растаан этии.
Норуот айымньытыгар куруук туттуллар, үөрүйэх буолбут
эпиитэти кубулуйбат эпиитэт дэнэр. Холобур: аламай маҥан
күн, унаар буруо, сандал саас, эр сүрэх, кэрэ кыыс.
Барамайы, хайааһыны атын туохха эмэ холоон, тэҥнээн
хоһуйуу тэҥнээһин дэнэр. Саха тылыгар уус-уран тэҥнээһин
курдук, тэҥэ, саҕа, кэриэтэ, дылы диэн дьөһүөллээх, хайаа-
быттыы? диэн ыйытыылаах тыллаах буолар. Холобур: ыппыт
ох курдук, сүктэр кыыс тэҥэ, кус сымыытын саҕа, чөмчүүк
таас кэриэтэ, тириини хайа быспыкка дылы кыараҕас харах-
таах, билбэтэхтии туттар, ыйытардыы көрдө.
Тыыммат барамайы тыынар тыыннаах курдук ойуулуур ньы-
ма тыыннааҕымсытыы дэнэр. Холобур: Оһох уота утуйан эрэр-
дии, хараҕын быһа симмэхтии-симмэхтии, имик-самык умайар.
Арҕаа Европа аан маҥнай сахалыы ырыаны иһиттэ. (ТС)
Барамай, көстүү өҥүн-дьүһүнүн, бэлиэтин атын барамай-
га майгыннатан көһөрүү мэтээпэрэ диэн ааттанар. Холобур:
күн — көмүс кытах, чаҕылҕан — уот кымньыы, элэктэриичэстибэ
уота — сиргэ түспүт сулустар, бурдук — көмүс туораах.
23