Page 20 - Саха тыла 7 кылаас
P. 20

II. — Сардаана, Күннэй хоһоон ааҕыытыгар туохха сыыста?
    — Туох да сыыһаны булбатым ээ.
    — Чэ эрэ, оҕолоор, ким өйдөөн истибит, илиигитин уунан көр-
дөрүҥ эрэ.

    III. — Дьарыкка хойутаан кэлбиппин бырастыы гын, Анна Петровна.
    — Киир, аны хойутаабат буол.

    IV. — Дьулус, киинэни төһө сөбүлээтиҥ?
    — Наһаа буолбатах, аҕаа. Үнүрүүн көрбүт киинэбитигэр тиийбэт.
    — Оттон мин сөбүлээтим, артыыстарын ордук биһирээтим.

         46. Үлэ туһунан өс хоһооннорун аах. Санаа атастаһар кэпсэ-
                  тиитэ толкуйдаа.

    1. Үлэлээ да киһи буолуоҥ, үлэлээмэ да кии буолуоҥ.
    2. Дьолу баҕарар буоллаххына, үлэни таптаа.
    3. Олоруохтааҕар оҥорор ордук.

         47. Бэриллибит түгэннэргэ олоҕуран кэпсэтиитэ толкуйдаа.
                  Кэпсэтиини саҕалыыр уонна салгыыр киһи туох сорук-
                  тааҕый?

    1. Доҕоргун сөбүлээн дьарыктанар куруһуоккар сырытыннара
        сатыыгын.

    2. Дьүөгэҥ муодунай таҥаһын, успуорка, үөрэххэ ситиһиилэрин
        хайгыыгын.

    3. Төрөппүттэриҥ, доҕотторуҥ бэлэхтэрин, ыарахан түгэҥҥэ кө-
        мөлөспүттэрин иһин махтанаҕын.

    48. Сомоҕо домоҕу сөпкө наардаа, этиитэ толкуйдаа.

    Тылыгар киллэрэр   Баттаан, атаҕастаан тууйа тутар
    Хараҕын аһар       Булкуллар, сыыһа өйдүүр
    Өйө бааллар        Сөбүлэһиннэрэр, сүбэтин ылыннарар
    Хабахха тыыннарар  Үөрэтэр, өйдөтөр, сайыннарар

20
   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24   25