Page 18 - Саха тыла 7 кылаас
P. 18
39. Туохтуур ханыылаһан үөскүүр ньыматын туттан холо-
бурда аҕал. Кылгас кэмҥэ табаарыстаргын кытта кү-
рэхтэс.
1. Синиэньим (дьүөрэ) тыллар: сүүр-көт, оонньоо-көрүлээ, ыллаа-
туой, бил-көр, муҥнаа-сордоо.
2. Онтуоньум (утары) тыллар: бар-кэл, киир-таҕыс, сыт-олор, ыл-
биэр, ытаа-ыллаа, тур-олор.
3. Суолтата биллибэт туохтуурунан: иэй-куой, саҥар-иҥэр, күл-
сал, хаамп-сиимп, мун-тэн, ытаа-соҥоо.
Аттарыы (тыл ситимин) ньыматынан үөскэтии.
Холобур: киһи буол, учуутал буол, артыыс буол, устудьуон буол; киһи
гын, учуутал гын, артыыс гын, устудьуон гын; киһи оҥор, учуутал оҥор,
артыыс оҥор, устудьуон оҥор; киһи-хара буол, киһи-хара гын; иккис
буол, иккис гын, төһө буол, төһө гын.
40. Аттарыы ньыматынан үөскээбит туохтуурдары быһаар.
Ол сайын кутуйах хасааһын булан киһи-хара буолбуппут. Чэ, бу до-
кумуоҥҥа илиитэ баттаа. Бу сырыыга баҕас кыаҕын ылларда, тылыт-
тан матта. Абаҕам хап-сабар таҥныбытынан барда. Оонньуу тахсаары
олорон уруокпун ааҕа түстүм. Үчүгэй да киэһэ буолбут: мутукча сыта
ил гынар, кэҕэ этэн чоргуйар. Иччитэх балаҕан иһигэр туох эрэ лиһи-
гир гынна. Мэхээс сирэйэ биир кэм мэлээриҥнээн олордо.
41. Туохтуур араас ньыманан үөскээһинигэр иккилии хо-
лобурда бул. Этиитэ оҥор.
7 §. Көһөр уонна көспөт туохтуурдар
Саха тылыгар төрүт олохтоох туохтуурдар барамайга (биридимиэккэ)
сыһыаннарынан көрөн, икки бөлөххө арахсаллар: көһөр уонна көспөт.
Барамайга дьайар суолталааҕы көһөр туохтуур дииллэр: быаны
баай, оҕону көр, дьиэни тут, хаары күрт, ууну булкуй, оһоххун отун.
Барамайга туһуламмат, дьайбат суолталааҕы көспөт туохтуур диил-
18