Page 11 - Саха тыла 7 кылаас
P. 11

25. Бэлиэтэммит тыллары саҥа чааһынан ырыт.

    Дорооболоһуу — ытыктабыл бэлиэтэ. Маны эмиэ сатыахха наа-
да. Туохха эмэ наадыйдаххына, билбэт дьоҥҥун да кытта дороо-
болос. Дьиҥэр, дьиэҥ таһыгар көрсөр дьоҥҥор ытыктабылгын
биллэрэн дорооболоһоруҥ олус үчүгэй. Чуолкайдык саҥар уонна
мичээрдииргин умнума.

          26. Үөрэнээччи сыыспытын сөпкө суруй.

    Хос эһэм аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ сылдьыбыта. Кини
албан аат үһүс истиэпэнэ уордьанынан, хорсунун иһин, бойобуой
үтүөлэрин иһин мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Бочуоттаах сын-
ньалаҥҥа тахсыар диэри эрилик эристиин сопхуоска үлэлээбитэ.
Билигин мэҥэ хаҥаласка олорор. Кыым хаһыакка байыас хорсун
сырыыта, кимэн киирии диэн кэпсээннэрэ тахсыбыта.

27. Киһи үтүө майгытыгар сыһыаннаах даҕааһыннары бу-
        ларга күрэхтэс.

1. Амарах, аламаҕай...      3. Мындыр, холку...
2. Боччумнаах, бэһиэлэй...  4. Хо´уун-хоодуот...

                    Ситимнээх саҥа

                      ЛИТЭРЭТИИРЭЛИИ ТЫЛ

    Литэрэтиирэлии тыл диэн норуот бүттүүн туттар тылын,
саҥарар саҥатын чочуллубут, нарыламмыт, сиппит-хоппут
көрүҥэ буолар. Литэрэтиирэлии тыл дириҥ силистээх, киэҥ
ис хоһоонноох. Олоххо икки араас көрүҥүнэн көстөр.

    Маҥнайгыта — сурук-бичик тыла. Ол аата литэрэтиирэ-
лии тыл араас көрүҥнээх литэрэтиирэҕэ (уус-уран айымньы-
га, үөрэх, билим кинигэтигэр, хаһыакка, сурунаалга, араас
докумуоҥҥа, о.д.а.) чочуллан, сааһыланан сылдьар. Холобур,
саха литэрэтиирэлии тылын бастыҥын биһиги чулуу суруйаач-
чыларбыт, кылаассыктарбыт айымньыларыгар көрөбүт.

    Иккиһэ — литэрэтиирэлии саҥа эбэтэр киһи истэр тыла.

                                                                                                    11
   6   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16