Page 4 - Саха тыла 7 кылаас
P. 4
3. Тиэкискэ аатта биэр. Санааҕын эт.
Саха уус-уран литэрэтиирэтин төрүттээбит А.Е. Кулаковскай— Өк-
сөкүлээх Өлөксөй саха интэлигиэнсийэтин сорох араҥата төрөөбүт
тылын ситэ-хото билбэтин ыйбыта. Кини былыр оскуолаҕа киирбит
оҕо төрөөбүт тылынан үөрэммэтин улахан сыыһанан ааҕара. Ол түмү-
гэр үөрэнээччи оскуолаҕа киириэн иннинэ остуоруйаттан, олоҥхот-
тон, таабырынтан тыл эгэлгэтин иҥэриммитэ сууралларын, симэ-
лийэрин хомойон туран бэлиэтээбитэ. Оскуолаҕа аҥаардас нуучча
тылынан үөрэнэриттэн оҕо саныыр санаатын толору этэр кыаҕа суо-
ҕа. Маннык эйгэҕэ улааппыт, иитиллибит оҕо төрөөбүт тылын ситэри
билбэт, онтон сылтаан ытыктаабат буолар. Ол түмүгэр саха тылынан
суруллубут уус-уран айымньыны өйдөөбөт, кэрэхсээбэт. (ГГ)
4. Тиэкискэ аатта биэр. Дьыктаанна суруй.
1917 сыллаахха сааһыары С.А. Новгородов «латыынныы алпаа-
быкка тирэҕирэн сахалыы саҥа алпаабыттаныаҕыҥ» диэн ыҥырыы-
та дьон-сэргэ сэҥээриитин, биһирэбилин ылбыта. Ити сыл күһүнү-
гэр Дьокуускайга «Сахалыы сурук-бичик» диэн бастакы букубаар
бэчээттэммитэ. Маны Семён Андреевич Новгородов бэйэтэ оҥор-
бут саҥа алпаабытынан суруйбута. Букубаары оҥорорго учуутал
Н.Е. Афанасьев улаханнык көмөлөспүтэ. Үөрэх кинигэтэ бэрт судур-
гу, ойуута суох, кээмэйинэн дьоҕус этэ. Кинигэ 4000 ахсаанынан
тахсыбыта. Бу кинигэнэн аан маҥнай Бүлүү уокуругар (начаалынай
оскуола бары кылаастарыгар) үөрэммиттэрэ. Салгыы Дьокуускайга,
Өлүөхүмэҕэ үөрэтэр буолбуттара. (ГГ)
4