Page 5 - Саха тыла 7 кылаас
P. 5
V—VI КЫЛААСКА ҮӨРЭППИТИ
ХАТЫЛААҺЫН
1 §. Тыл баайа (Лиэксикэ)
5. Ыйытыыга хоруйдааҥ уонна дьүүллэһиҥ.
1. Тыл баайа (Лиэксикэ) диэн тугу ааттыыбытый?
2. Омуоньум, онтуоньум, синиэньим туһунан туох өйдөбүллээх-
хиний?
3. Саха бүттүүн тыла уонна түөлбэ тыла туох уратылаахтарый?
4. Идэ тыла диэн тугуй?
5. Тыл тоҕо эргэрэрий?
6. Омук тылын саҥарар саҥаҕа, сурукка туттуу саха тылын ба-
йытар дуо?
6. Омуоньумнар лиэксикэлии суолталарын бул.
Айа, арыы, баай, бии, билии, далай, дьулай, иит, им, истиҥ.
7. Онтуоньуму туттан, өс хоһоонун ситэр.
1. Эдэргэр үлэлии үөрэммэтэххинэ, __________ туга да суох хаа-
лыаҥ. 2. Аҕыйах тыл минньигэс, ____________ сымсах. 3. Уруу ыраа-
ҕа, уу _________ үчүгэй. 4. Баайбын диэн бардамсыйыма, __________
сэнэнимэ. 5. Үчүгэй киһи суола сырдык, _________ __________.
6. Өйдөөх үтүөнү сатыыр, ________ _______ сатыыр.
8. Синиэньими күүһүрэн иһэр суолтатынан сааһылаан суруй.
1. Обургу, аарыма, улахан, бөдөҥ. 2. Тэтиэнэх, баабый, күүстээх,
тос курдук, сэниэлээх, кыахтаах. 3. Чаҕый, куттан, дьиксин, сэрэн,
дьаархан, салын, дьулай. 4. Үөр, кынаттан, күлүм аллай, мичий,
үөрүү-көтүү аргыстан. 5. Эбэн биэр, түһүнэн кэбис, муҥ кыраай-
гынан түс, түргэтээ.
5