Page 33 - Саха тыла 8 кылаас
P. 33

СУДУРГУ ЭТИИ.
ТЫЛ КУЛТУУРАТА

                3 §. Этии. Этии тиибэ

             Ситэри санааны бэлиэтиир, бμтэр интэнээссийэлээх са²а
        кэрчигэ этии дэнэр. Этии хас ба±арар тыллаах буолуон с³п.
        Холобур: Билии — күүс, кыах! Бибилэтиэкэ бу кэккэлээбит ки-
        нигэлэрэ тө´өлөөх дьикти кэпсээннэри, интэриэ´инэй дьону,
        сирдэри, кыыллары, көтөрдөрү и²эрэн илдьэ тураллара буо-
        луой? (Д)

     Этии ки´и ³йμн-санаатын тас к³стμμтэ буолар. Онон араа´а олус
элбэх.

     Этии туох сыаллаах-соруктаах этиллэринэн μс араастаах: сэ´эн,
ыйытыы, соруйуу.

             Сэһэн этии ким эмэ, туох эмэ туһунан кэпсиир. Маннык
        этии холку интэнээссийэлээх. Сэһэн этии тус суолтата туох эмэ
        туһунан эбии этэр, намыын дэгэттээх буолан, араас тииптээх
        тиэкискэ барытыгар туттуллар. Холобур, тойоннуур тииптээх
        уус-уран пубулуустука±а: Оҕо саас туманнаах сарсыардатыгар
        умсугуйа, сүгүрүйэ истибит ити алыптаах куолаһым үөскэппит
        иэйиитэ сибили²ҥээҥҥэ диэри мин өйбөр-сүрэхпэр тыын-
        наах сылдьар… (СД)

              Сэһэн этии уус-уран истиил норуот тылынан айымньытын араас
         көрүҥэр сэһэргиир тииптээх тиэкискэ эмиэ туттуллар. Холобур:
         Былыыр-былыр куобахтаах сылгы бырааттыылара үһү (остуору-
         йа); Бэрт былыр Дьаҥкы диэн ааттаах булчут олорбута үһү (үһү-
         йээн); Алдьатар дөбөҥ, оҥорор уустук (өс хоһооно); Ууга олох-
         тоох, от аһылыктаах кыыл баар үһү (таабырын).

                                                                                                                         33
   28   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38