Page 35 - Саха тыла 8 кылаас
P. 35

Хоһоонунан айымньыга:
                              Ити ким
                              Дьиибэтэй-бэтиэхэтэй?
                              Бу туох
                              Моһолой-муодатай?
                              Билигин кэлэн
                              Сэбиэскэй былааска
                              Сэмэ±э тиксэр
                              Сэтим-сэлээним
                              Сиппит үһү дии? (Алампа)

        Соруйар этии киһи санаатын, иэйиитин араас дэгэтин ба-
   рытын хабар — истиҥ көрдөһүүттэн са±алаан, бэрт суостаах
   модьуйууга, дьаһайыыга тиийэ бэлиэтиир. Куола´ы араастаан
   уларытан, албыннаһар, ааттаһар, көрдөһөр, бирикээстиир, абак-
   карар, бобор интэнээссийэлээх этиллэр. Маннык тииптээх этии
   кэпсэтии, уус-уран, дьыала истиилигэр барытыгар туттуллар.

         Кэпсэтии тылыгар: Уораан, доҕоччуок, аккын тут. (ИФ) Кэбис,
    тоойуом, ыарытыйбыккын дии, сыта түһэн ыл. (К-х); Сөтөгөй оҕон-
    ньоор, таҕыс эрэ манна, кэпсэтии баар буолла… Чэ, айгыстыма,
    хамсаммахтаа… (Ид.)

         Норуот тылынан уус-уран айымньытыгар: Саҥарыаҥ ин-
    нинэ санаан көр (өс хоһооно); Ох курдук о²о´ун, кустук курдук
    куоһан (оло²хо).

         Дьыала истиилигэр: Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонун ылы-
    нарга, онно илии баттааһыҥҥа уонна бар дьон билиитигэр таһаа-
    рарга анаан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар ыытарга.

        Ки´и санаатыгар иэйии эбилиннэ±инэ, сэ´эн, ыйытар, сору-
   йар этии барыта күүһүрдэр этии буолуон с³п. Кμμ´μрдμμ этии
   ис хо´оонугар дьμ³рэ интэнээссийэлээх буолар.

         Уус-уран пубулуустукаҕа: «Туох туһунан этэй?» диэн кэлин
    санаан аһарар этим. Кырдьык, туох туһунан этэй ити кыыс дуу,
    эдэр дьахтар дуу эппэҥнэс түөһүттэн төлө көтөн тахсан, куһугу-
    райа кыырайбыт айыы тойуга? (СД)

                                                                                                                   35
   30   31   32   33   34   35   36   37   38   39   40