Page 39 - Саха тыла 8 кылаас
P. 39

55. Соруйар этии араа´ын аа±ы². Хайа этии ханнык истиил тол-
                    бонноо±ун, ханнык тμбэлтэ±э дьμ³рэ буолуон толкуйдаа².

     1. Уруоккун толор. 2. Уруоккун толор эрэ. 3. Уруоккун толороор эрэ.
4. Уруоккун толоруоҥ этэ. 5. Уруоккун толороруҥ ордук. 6. Уруоккун
толорон кэбис. 7. Уруоккун толорон кэбис дуу. 8. Уруоккун толор даа.
9. Уруоккун толоро оҕус. 10. Уруоккун толоро тарт. 11. Уруоккун толор
диибин дии. 12. Уруоккун толор диэбэтим дуо? 13. Уруоккун толорума
эрэ.

             Саха тылыгар буолбат халыып туохтуур олоҕуттан -ма, -ыма
        сыһыарыынан үөскүүр, хайааһын оҥоһуллубатын, буолбатын бэ-
        лиэтиир. Ол гынан баран, сорох түбэлтэҕэ туохтуур бу халыы-
        ба кырамаатыка суолтатын сүтэрэн, буолар халыып — буолбат
        хайааһыны, оттон буолбат халыып буолар хайааһыны бэлиэ-
        тиэхтэрин сөп.

           56. Ыйытар этиигэ буолар халыып туох суолтаҕа туттулларын
                    быһаарыҥ. Буолбат халыыбынан солбуйуҥ. Этии тиибэ, ис-
                    тиилэ, күүрээнэ уларыйарын болҕойуҥ.

     1. Мин балаһыанньам саныырым курдук судургу буолбатаҕа. 2. Ону
хомсомуол мунньа±ар учууталлар саҥаларыттан билбитим. 3. Ким да
диэки буолбакка, туораттан көрдөххө, маҥнайгытынан, мин арыгы
иһиспиппин. 4. (Мин иһэр санаам суоҕун, испэтэхпин ким итэҕэйиэй?)
5. Иккиһинэн, кулууптан таһырдьа охсуһа диэн тахсыбыппын. 6. (Мор-
далаах быһыылара түктэритин испэр сөбүлээбэтэхпин ким билиэй?)
7. Мө±үөхтэрин мөхтүлэр. Итэҕэйиэхтэрин итэҕэйбэтилэр. (Д)

           57. Туохтууру булуҥ. Буолбат халыыбы буолар халыыбынан
                    уларытыҥ. Туохтуур суолтата уларыйда дуо? Этии туох эбии
                    дэгэттэннэ? Сурук бэлиэтин сөпкө туруоруҥ. Холобур: Аан-
                    чык миигин көмүскэһэ олорбот — көмүскэһэ олоруо дуо?

     1. Итинтэн ордук хайдах да таптаабат. 2. Кыыһырбытын, кыраспы-
тын иһин туох да истибэт. 3. Ханнык да тылынан хайдах да ыллаан бу
күн үөрүүтүн киһи эппэт. 4. Эһигинньиктэртэн куттаммаппыт. 5. Арай
итинтэн ыарыы буолан өллүн, оччоҕо сыаната хаһын билбэккин. Акаары!
6. Ону ким да билбэт. 7. Аны кэлэн барбаппын. 8. Ол да иһин, миигин
хайдах да өрүү умнубат. 9. Ама, ол аайы туох да буолбат. 10. Олорбот!

                                                                                                                         39
   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44