Page 34 - Саха тыла 8 кылаас
P. 34

Сэһэн этии саҥаттан саҥа сонуну биэрэр буолан, иһитиннэрэр-бил-
лэрэр эйгэ бары көрүҥэр (тэлэбиидэнньэ±э, араадьыйа±а, хаһыакка,
сурунаалга, Интэриниэт ситимигэр) барытыгар туттуллар. Сонуннарга:
Бүгүн Дьокуускай куорат саамай киин сиригэр — Ленин бэрэспиэгэр —
«Ыллаа-туой, эдэр саас!» диэн куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыт-
тарыгар аналлаах улахан кэнсиэр буолар. Биллэриигэ: Бөлүүн, ыам
ыйын 13 күнэ бүтэр түүнүгэр, 12 аҥаар чаас са±ана, 202-с тμ³лбэ
5 этээстээх дьиэтин аллараа өттө умайан, баһаарынай сулууспа түүн-
нэри үлэлээтэ.

     Сэһэргиир этии сэһэргиир уонна тойоннуур тииптээх тиэкискэ, үөрэх
кинигэтигэр эмиэ туттуллар: Ботаника диэн үүнээйи, кини олоҕун,
тас уонна ис оҥоһуутун туһунан үөрэх. Кукуруза — итиини таптыыр
үүнээйи. («Ботаника» үөрэх кинигэтиттэн)

             Ыйытар этии ким эмэ, туох эмэ ту´унан ыйытар эбэтэр чоп-
        чулуур суолталаах. Маннык этии ураты, ыйытар интэнээссийэ-
        лээх буолар. Холобур: Ол Бүлүү сахалара кыталыгы үтүктэн
        үҥкүүлээбит үҥкүүлэрин өйдүүгүн дуо? (С. Дадаскинов). Ыйы-
        тар этии кэпсэтии тылыгар элбэ±ин таһынан, уус-уран истиил
        иһигэр кэпсэтэр тылга-өскө (диалог, монолог) киириэн сөп.

         Икки киһи кэпсэтиитигэр:
         — Туох көлө көстүөй?
         — Матасыыкыл.
         — Ким биэриэй?
         — Сэбиэт Сиидэр киэнэ олбуоругар турар ээ.
         — Икки матасыыкыллаах дуо?
         — Икки.

                                                      (П. Аввакумов. «Одурууннаах орто дойдуга»)

     Биир киһи саҥатыгар: …Ба±ар, иччитин да, бэйэтин да сан-
ньыар-курус олохторуттан муҥатыйан ытаахтыыра буолуо, ба±ар, этэр-
гэ дылы, тугу эрэ куһа±аны биттэнэрэ, түүйэрэ дуу?.. (И. Гоголев. «Хара
кыталык»)

     Ыйытар этии уус-уран суруйуу араас көрүҥэр харда эрэйбэт бө-
лμһүөктүү суолталаах туттуллуон сөп. Эссиэҕэ: Хаартыска суо±а эбитэ
буоллар, биһиги хантан билиэхпитий? Хаартыска хаһан үөдүйбүтэй?
Ким айбытай? Хаартыска диэн тыл суолтата? Алампа маҥнайгы, бүтэ-
һик хаартыскалара ханныктарый? («Хаартыска уонна Алампа». Татаринова
Туйаара)

34
   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38   39