Page 109 - Саха тыла 9 кылаас
P. 109

СЫҺЫАРЫЫ

              САХА ТЫЛЫГАР СУРУК БЭЛИЭТИН ТУТТУУ

                    СУРУК БЭЛИЭТИН БЫРААБЫЛАЛАРА

                   I. СУДУРГУ ЭТИИГЭ СУРУК БЭЛИЭТЭ

1. Этии тииптэригэр сурук бэлиэтэ

   1. Сэһэн этии кэнниттэн туочука турар.
   Быйыл сүрдээх өҥ дьыл буолла. Бар дьоҥҥо от-бурдук дэлэйдэ.
Айыы сирэ аһаҕас, күн сирэ көҥдөй.
   Х о с б ы һ а а р ы ы.
   Саҥа сааһыланыытын көрдөрөр, кэриччи ааҕыллар сэһэн этиилэр
кэннилэриттэн туочукалаах соппутуой турар.
   Билиҥҥи саха литературатын иннигэр маннык сүрүн соруктар
тураллар:
   1) суруйааччылар өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнаһын уонна
тыатын хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар дириҥник өтөн
киириэхтээхтэр;
   2) гражданскай лиирикэ күүскэ сайдара наадалаах.
   2. Ыйытыы этии кэнниттэн ыйытыы бэлиэтэ турар.
   Эн Коля Манасовы ханна көрбүккүнүй? Бу ас астыыр түбүккэ
түстүм буолбат дуо уонна хаһан? Онон, Дьулус, дойдуҥ диэки
төннөр буоллаҕыҥ?
   Х о с б ы һ а а р ы ы.
   1. Ыйытыы тыл бөлөҕүнэн эбэтэр биирдии тылынан арааран
бэриллэр буоллаҕына, ол аайы ыйытыы бэлиэтэ туран иһэр.
   Ханна үөрэммиккиний? Антах дуу? Тоҕо? Билиэххэ син дуо?
Хайа, тугу бултаатыгыт? Кус дуу? Хаһый?
   2. Күүһүрдүүлээх ыйытыы этии кэнниттэн ыйытыы уонна күү-
һүрдүү бэлиэлэрэ тураллар.
   Тыый, бу уол дуо?! Аны, киһини көрө-көрө, күлэр буолбуккун дуу?!
   Анал ыйытар бэлиэлээх эрээри дьиҥ ыйыппат этии кэнниттэн
ыйытыы бэлиэтэ син биир турар.
   Ким үрүҥ күммүт өлбөөрдүн диэй?! Ким кэрэ кэскилбит кэҕиннин
диэй?! Күөх хонууга, бу бэйэлээх сайын кэлэн турдаҕына, Ким
үөрбэт-көппөт буолуой?

                                                                                                                       109
   104   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114