Page 110 - Саха тыла 9 кылаас
P. 110
3. Күүстээх иэйии этиллэр буоллаҕына, этии кэнниттэн күүһүрдүү
бэлиэтэ турар.
Оо, куустарбын даа бу күөх куйаары! Күн сырдыга кэрэтин
эриэхсит! Оо, хайдах кэрэ, дьикти буолуой төрөөбүт дойдуга
төннөр!
4. Соруйууну, көрдөһүүнү, баҕарыыны биллэрэр этии кэнниттэн,
ис хоһоонунан уонна саҥарыыга күүһүрдүүлээх буоллаҕына, күү-
һүрдүү бэлиэтэ турар.
Ох курдук оҥоһун, бэйэ бодоҕун тардын, киэҥ киэлигин киллэр!
Ыл, нохоо, уотта аҕал! Төрөтөр оҕону төлкөлөөҥ, иитэр сүөһүнү
күрүөлээҥ, аал уоту оттуҥ, алтан сэргэни анньыҥ!
Х о с б ы һ а а р ы ы.
1. Оттон маннык этии, холкутук саҥарыллар ис хоһоонноох
буоллаҕына, туочукаланар.
Дьэ, Балагыай, бүгүн сурдьугун кытта оскуолаҕа барыс. Дьэбдьиэ,
табахтааххын дуо, тардыах эрэ.
2. Уус-уран литэрэтиирэҕэ, пубулуустукаҕа ураты күүстээхтик
этэргэ күүһүрдүү бэлиэтэ хоһулаһыан сөп.
Биһиги ийэ тылбыт — дууһаны долгутар, өйү үлүһүтэр күүс-
тээх-кыахтаах, имэҥнээх-илбистээх, кэрэ-дьикти тыл!!! Уһугун,
өйдөн, икки атахтаах! Уһугун, өйдөн, хара кырыыстаах!!! Ох
курдук оҥостон олоробун, биир да тылы утары этитиэм суоҕа, мас
курдук булгуччу кыыраргын-кыырбаккын биллэр!!!
5. Этэн иһэн иҥнэн, кэхтэн, тохтоон хаалыыны эбэтэр санаа ситэ
этиллибэтэҕин көрдөрөргө элбэх туочука турар.
Кэллибит ээ, Маайыас... Кэллибит дии... Аны күн аайы көрсүһэр
буолуохпут. Онон биһиги бэйэбит... бибилэтиэкэҕэ... мустуох
буолбуппут. Дьэ, эмээхсиэн, үчүгэйинэн кэлбэтим, куһаҕан сураҕы
аҕаллым... Оҕоҥ... дьаҥҥа... барбыт үһү.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
1. Этии кэннигэр ыйытыы, күүһүрдүү бэлиэлэрэ баар буоллах-
тарына, элбэх туочука ол кэнниттэн турар.
Тоҕо түргэнэй!.. Мөлтөх сонун. Итинтигин этэҕин дуо үчүгэй
сонун диэн?..
2. Туора киһи этиитин, суруйуутун сытааталыырга, ол толору
бэриллибэт буоллаҕына, быһыллар сиригэр элбэх туочука турар.
“Хаһан да дуоһуйары, мөлтүүрү-ахсыыры билимэҥ, куруутун
инники талаһыҥ!..” (Софрон Данилов).
3. Дьыала кумааҕытыгар пууннар иннилэринээҕи сүрүннүүр этии
кэнниттэн икки туочука турар, холобур:
Мунньах уурар:
1) үөрэх кыһыҥҥы сиэссийэтин тэрээһиннээхтик ыытарга;
110