Page 116 - Саха тыла 9 кылаас
P. 116
балаҕантан сэдэх соҕустук кыым тахса турар этэ. Балаҕан инни-
гэр, сылбах оҕуруот иһигэр, үс-түөрт сыарҕа от бугулланан турар.
Киэһэ, боруҥуй буолуутун саҕана, саҥа ыстаансыйа дэриэбинэҕэ
уоту биэрэр. Биирдэ, күнүс, Моойторук айаҕа табыллан киирдэ.
22. Сырдатар тыллаах -бытынан сыһыат туохтуурунан бэрилли-
бит буолуу сиһилиитэ, кэпсиирэттэн тэйбит буоллаҕына, соппутуо-
йунан арахсар.
Ачыкылаах киһи, эйэҕэстик мичээрдээбитинэн, миэхэ чуо тии-
йэн кэллэ... Икки ытыспын нэлэппитинэн, оһох диэки дьулустум.
Оҕонньор, дьиэ таһын одуулаһан кынчыатаабытынан, бэрт ор-
гууй туос холтуунун ылан, табах сыҥсыйда.
23. -лыы сыһыарыынан аат туохтууртан үөскээбит сыһыатынан
бэриллэр сиһилии бөлөҕө, араарыллан этиллэр буоллаҕына, соппу-
туойунан арахсар.
Кини, улаханнык кэлэйбиттии, киэр хайыһан кэбистэ. Дьон-
нор, кини эппитин сөбүлүүрдүү, бары күөдьүйэ түстүлэр. Ньыыкан
манан бүтэрдэ, аны эһигини истиэм диэбиттии, олорунан кэбистэ.
24. Тэҥниир суолталаах тэнийбит сиһилии, араарыллан этиллэр
буоллаҕына, соппутуойунан арахсар.
Балаҕан иннигэр намыһах соҕус ыал ампаара баара, дьүдьэйбит
оҕо баттаҕын курдук, кур эрбэһининэн бүрүллэн турар. Күн, саха
дьахтарын дьабака бэргэһэтин үрүҥ көмүс туоһахтатын кур-
дук, нэһиилэ кылбайан көстөр.
Х о с б ы һ а а р ы ы.
Сирэй саҥа кэнниттэн кэлэр ааптар тылын бүтүүтүгэр турар тэ-
нийбит сиһилии этииттэн соппутуойунан араарыллар: “Көлөһүммү-
түн быыһаатахпыт ити дии”, — диэтэ Шура, холкуйбуттуу үөһэ
тыынан баран. “Ынах хомуйан кэлбиккин көрөммүн, иккиһин
төрөөбүт саҕа үөрбүтүм”, — диэтэ Байбал, Марба диэки үчүгэй
хараҕынан көрүтэлии-көрүтэлии. “Киһибит аһылыга бүтэн эрдэ-
ҕэ, илдьэн биэриэх буоллум”, — диэтэ аҕам, итии чэйин сыпсыры-
йан иһэ олорон.
II. ХОЛБУУ ЭТИИГЭ СУРУК БЭЛИЭТЭ
1. Тэҥҥэ холбуу этии
25. Тэҥҥэ холбуу этии чаастара, тэҥҥэ эбэтэр утуу-субуу буолары
көрдөрөр буоллахтарына, бэйэ-бэйэлэриттэн соппутуойунан арахсал-
лар.
Таһырдьа итиибит эргийбит, халдьаайы сирэйэ хараарбыт.
116