Page 138 - Саха тыла 9 кылаас
P. 138

Харах бэстээх. 1. Мэник, дьээбэ оҕону сэмэлээн этии. 2. Иҥсэ-
лээх, ымсыы, куһаҕан санаалаах.

     Харахта симнэ. Синэ биир диэн харса суох санааны ылынан туохха
эмэ сорунуу.

     Харах тэстэринэн айанныыр. Олус түргэнник айанныыр.
     Чуурун биэрдэ. Иннин биэрдэ, бэриннэ, утарыласпат буолла.
     Чыып диэмэ (дэтимэ). Букатын саҥарыма (саҥардыма).
     Чыычаах үүтэ эрэ суох. Саха саныыра барыта баар.
     Ый-күн ыһыаҕа (оҥор). Ыс-тох, матайдаа, бүтэр.
     Ыкка биэрэр. Букатын сирэр.
     Ыстыыр ыас оҥостор. Наар сэмэлиир, үөҕэр, хомуруйар, элэкти-
ир.
     Ыт атаҕын туппут. Маппыт, мэлийбит, кураанаҕы кууспут.
     Ыт атах. Ыараабакка, түргэнник, чэпчэкитик кэлэр-барар, хаамар-
тан-сүүрэртэн сылайбат.
     Эппэт кэлэҕэй буолла. Улаханнык куттанан саҥатыттан матта.
     Эппэтэҕэ диэйэҕин. Туох буолуон эрдэттэн сэрэтии.
     Эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийбит (киһи). Сытыы-хотуу киирии-
лээх-тахсыылаах.
     Эрдэ-сылла. Эрдэтинэ, туох эбит буолуон иннинэ.
     Этин ыт сиэбэт буолбут. Олус сылайбыты, илистибити этэллэр.
     Этэн баран төннөр. Толлубакка, куттаммакка, кыбыстыбакка санаа-
тын этэн араҕар.
     Ээҕи кытта сылдьар. Утарбакка, мэлдьи сөбүлэһэр.

138
   133   134   135   136   137   138   139   140   141   142   143