Page 101 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 101
үрдүнэн элиэтээн баран, apҕaa диэки көтөн кылбаҥныы
турбут.
Кусчуттар тахсан, тугу көрбүттэрин кэпсээбиттэригэр
бөһүөлэк кырдьаҕаһа Хаадыатап оҕонньор эппит:
— Оо, эрэйдээҕи. Ол аата, бу сааһы туораабат көтөр
буолаахтаатаҕа. Ханна эмэ тиийэн үлтү түһэн өлүөҕэ.
Ону ким да итэҕэйбэтэх, ол курдук ааһан хаалбыт.
Сайын ортото окко киирии буолар. Биир киһи ходуһа
көрө сылдьан, Билиилээх диэн сиргэ тиийэр. Онно
ходуһа ортотугар туох эрэ маҥан түү ыһылла сытарын
көрбүт. Дьиибэргээн, онно тиийбитэ, хайыы-үйэ үөн-
көйүүр аһылыга буолбут куба дьардьамата сытар эбит.
Били киһи куба көхсүн у²уоҕуттан өссө да арахсыбакка
сылдьар дабыдалын бэркэ сэрэнэн хомуйа тутан, баһын
у²уоҕун талаҕынан холбуу баайан, хатырыкка суулаан
баран, тиит төргүү мутугар ыйаан кэбиспит.
Айылҕа анаан айбыт улуу көтөрө, куба барахсан,
доҕорун аһыыта ааһан-араҕан биэрбэккэ, төгүрүк сылы
быһа төһөлөөх эрэйдэммитэ буолуой?!
Тылбытын байытабыт
Дурда — cahap xaxxa.
Кыланар — хатан куолаһынан күүскэ хаһыытыыр.
Этэ салаһар — этэ тымныйан, дьигис гынар.
Ылааҥы — саас тыала суох, күннээх сылаас күн.
Куба туһунан өссө тугу билэҕитий? Кэпсээ².
101