Page 97 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 97
Тылбытын байытабыт
Лүҥкүр — киһи кутун-сүрүн баттыыр курдук ыараан,
хараҥаран, күлүгүрэн көһүн.
Кирийдэ — онно-манна көстүбэккэ бааргын биллэр-
бэт курдук сыт, сас.
Василий Тарабукин
КУБА £Л¥¥ТЭ
(«Куба өлүүтэ» кэпсээнтэн быһа тардыы)
1. Табыллыбыт кубаны ойуулуур тыллары булан аах.
Ааптар тугу ордук бэлиэтиирий?
2. Доҕорун сүтэрбит куба хайдах буолбутун ойуулуур
сири булан аах. Ааптар манна тугу бэлиэтиирий?
3. Соҕотох куба доҕорун суохтаан хайдах айманарын
сиһилии кэпсээ.
Биир саас булчуттар дурдаҕа* сытар кэмнэригэр, Эбэ
ортотугар, икки куба кэлэн түспүт. Ол түһэн бастаан ба-
лачча хамсаабакка олорбуттар, онтон сыыйа кынаттарын
оҥостон, суунан-тараанан, түүлэрин-өҥнөрүн ыраастанан
барбыттар. Хаһыс да күннэригэр айан көтөрдөрө Эбэ
арыытыгар тахсан күүлэйдиир, сыламнаан сытар, сын-
ньанар сир оҥостуммуттар. Иккиэн тугу эрэ саҥарса-
саҥарса, кэккэлэһэ сылдьан аһыыллар, моонньуларын
араастаан хамсата-хамсата, киэбэ биллибэт киэҥ хал-
лааны одуулаһаллар. Сороҕор өрүтэ көтүөккэлэһэллэр,
97