Page 92 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 92
түһэн баран кутуругар түстэххэ, тыаҕа ыстаныа, оччоҕо
миигин, баҕар, бадараантан хостоон таһаарыа дии санаа-
тым да, куһаҕан үлүгэрдик хаһыыра түһээт, икки илии-
бинэн бөрө кутуругун харбаатым.
Дьэ доҕоор, бөрөм тыа диэки ыстаммат дуо?! Мии-
гин бадараантан соҕотохто сулбу тардан таһаарда. Мин
соһуллан иһэн, хонууга тиийэн баран ыһыктан кэбис-
тим.
Бөрөм эргиллэн да көрбөккө, ойуур диэки буута быс-
тарынан субурус гынан хаалла. Күөлгэ киирэн күлүкпүн
көрүнэн баран, бэйэбиттэн бэйэм сонньуйдум. Таҥас
сап, дьүһүн-бодо, быһыы-тутуу — туох аанньа буолуой?
Суунан, ыраастанан баран, аһыы сылдьар аппын тутан
ылан миинним:
Төбөбөр кус сымыыттаабыта,
Өлөр суолтан бөрө быыһаабыта… —
диэн ыллыы-ыллыы сиэллэрэн истим…
Тылбытын байытабыт
Ньамах — бадараан уонна салахай булкуспута;
инчэҕэй кир-хох.
Маннык түбэлтэ олоххо буолуон сөп дуо? Сымыйа уон-
на фантастика диэн атыннаахтар дуо? Фантазиялаах
киһи диэн тоҕо ааттыылларый?
Өссө ханнык кырдьык-сымыйа икки ардынан айым-
ньы баарын билэҕиний?
92