Page 91 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 91
Иккиһин тутан көрбүтүм — биир эрэ сымыыт баар
эбит. Мин манна өлөрбөр тиийэбин, аны түүн ийэтэ кэ-
лэн эмиэ сымыыттыа. Оччоҕо тутан ылан сиэм, сэниэ
киллэрэн баран тахсан көрүөм дии санаатым. Аһаабыт
саҕа санаан, күүс-күдэх ылан, аны аҥаар илиибин ороон
таһаардым.
Аччыктаабытым, сылайбытым туох да олус. Хаста да
сымыыппын ылан сиэри гынан баран, тохтоотум. Күүс-
сэниэ суох. Хамсаатарбын эрэ сымыытым түһэн хаалсы.
Күн уота олус сылаастык тыгар. Ону-маны бэрт элбэҕи
санаан иһэн, эмиэ утуйан хааллым.
Уһуктубутум — сарсыарда буолан эрэр быһыылаах.
Төбөбөр туох эрэ сытыргыыр баар. Аргыый харахпын
аһан көрбүтүм — бороҥ дьүһүннээх улахан баҕайы ыт
курдук бөрө кэлэн, сымыыппын сиэри сытырҕаан эрэр.
Аны киһини сиэҕэ диэн куттанным. Өскөтүн хаһыытыы
91