Page 88 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 88
Туораах сыыһа тутуурдаах,
Тобугуруур тумустаах,
Чоҕулуҥнуур харахтаах,
Тыкырыйа сүүрэргэ
Тыбыгырас атахтаах,
Тырыбыныы көтөргө
Тылыбырас кынаттаах,
Чыбыгырыыр саҥалаах
Чыычаах оҕото эрэйдээх,
Төкөрүйэ-тэкэрийэ,
Чөкчөрөҥнүү-чэкчэрэҥнии,
Түүтүн-тумсун оҥосто
Чөҥөчөккө олордо.
Ньирэйиҥ, ытыҥ эбэтэр куоскаҥ туһунан чабырҕахта
айарга холон.
Тимофей Сметанин, Яков Стручков
Т£Б£Б£Р КУС СЫМЫЫТТААБЫТА,
£Л£Р СУОЛТАН Б£Р£ БЫЫ¤ААБЫТА
1. Кэпсээни искэр аах, туох туһунан кэпсэнэрин эт.
2. «Халыр босхо» диэн тугу этэллэрий? Оһорсун тыл
ис хоһоонун тылдьыттан бул.
3. Тиэкис ис хоһоонунан 3—4 ситимнээх ыйытыыта
туруор.
4. Тиэкис тылларын болҕойон көр. Сорох тыллары
атынынан солбуйуохха син дуо?
88