Page 85 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 85
туох эрэ атаҕастаары гыннаҕа дии санаан, хаамыыбын
түргэтэтэбин. Ыраас сиргэ тахсан, саҥатын хоту олоо-
тоон көрбүтүм — хотойум, үөһэ кыырайан тахса-тахса,
таҥнары суйулаан түһэ сылдьара. Туохха эрэ түбэстэҕэ
дии санаан, ол хоту сүүрбүтүм.
Куруҥ ойуурга үүммүт талах ортотугар сүүнэ ула-
хан буур тайах турар эбит. Тайах үрдүнэн мин хотой
доҕорум көтө сылдьан чаҥыргыыр, үрдүгэр түһэн, тутаа-
ры гынар эбит. Тайах муннун тыаһатар, төбөтүн быһа
илгистэр, баайыллыбыт курдук, биир сиргэ тула холо-
руктуур, хотойго боотургуур. Мин, сүүрэн кэлэн, тайаҕы
ытан кэбистим. Тайах сууллан түспүтүн кэннэ, хотойум
85