Page 80 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 80

Владислав Авдеев

                             ОЛУЙТАРЫЫ

                1. Айымньы аатынан ис хоһоонун сабаҕалаан, санааҕын
                    эт. Билбэт тылыҥ буоллаҕына, тылдьыты туһан.

                2. Кэпсээни аах. Хас кэрчиккэ араарыахха сөбүй? Тол-
                    куйдаа.

                3. Миша хара±ыттан тоҕо уу-хаар баста?
                4. Оҥорбут былааҥҥытын туһанан кэпсээ.
                5. Суруйааччы тугу этиэн баҕарарый?

            Миша икки доҕордонно: Пушок диэн ааттаах ыт уонна
      куоска Васька. Миша о±о саадыттан кэлэригэр доҕотторо
      кинини аан аттыгар көрсөллөр. Уол сыгынньахтанар кэ-
      мигэр Пушок үөрбүт быһыынан өрүтэ ыстаҥалыыр. От-
      тон Васька, кутуругун куйбаҥнаппытынан ырыа таһаара-
      таһаара, ытыһын салаамахтыыр.

            Миша аһаан бүтээт оонньоон барар. Миша погранич-
      ник, Пушок служебнай ыт буолаллар. Кинилэр кыраныыс-
      саны кэһээччини — Васьканы — эккирэтэллэр. Пушок
      үрэр, Миша хаһыытыыр. Васька дьыбаантан кириэ´и-
      лэҕэ, кириэһилэттэн остуолга ыстанар уонна аҕаларын
      чааскытын түҥнэри көтөр. Тохтубут кофе наадалаах ку-
      мааҕылары марайдыыр. Миша итини барытын көрөр да,
      буруйдааҕы эккирэтэрин уураппат.

            — Көрүҥ эрэ! — аҕалара кэтэҕин тарбанна. — Бу
      быһыы хаһан бүтэр? Дьиэ буолбатах, кыыллар уйалара
      буолла, — өрө тыынна.

            Субуотаҕа аҕалара эттэ:
80
   75   76   77   78   79   80   81   82   83   84   85