Page 77 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 77

АЙЫМНЬЫ ДОЙДУТУН
                  КИСТЭЛЭ¢ НЭРЭ

  Эн «Олоҥхо – төрөөбүт тыл кэрэтэ, өбүгэ
үгэһэ» салааҕа Күннүк Уурастыырап айбыт
«Нуоҕалдьын Кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бу-
хатыыр» олоҥхотун аахтыҥ.

  Олоҥхо дьоруойдарын саҥаларын үтүктэн,
олоҥхоҕо этиллэр миэстэни булан таба ааҕарга,
сүрүн санаатын быһаарарга үөрэнниҥ. Олоҥхо
кэрчигин бэйэ тылынан кэпсииргэ, олоҥхону
чаастарга араарарга, аат буларга, быһа тардыы-
ны тылынан ойуулуурга эрчилинниҥ. Тылдьыт-
тан тыл суолтатын, этэр тыл олуктарын булары
сатаатыҥ. Олоҥхоҕо айыы уонна абааһы буха-
тыыра икки утары турар күүстэр буолан, үтүө уон-
на мөкү охсуһуутун көрдөрөллөрүн өйдөөтүҥ.

  Күннүк Уурастыырап «Нуоҕалдьын Кугас ат-
таах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхотуттан
быһа тардыыны туруорарга кытынныҥ.

  «Олоҥхо дьоруойдара» диэн айар бырайыак-
ка олоІхо дьоруойдарын куукулаларын оІорон,
µлэни бырайыактыыр сатабылгын чиҥэттиҥ.

                                                                                      77
   72   73   74   75   76   77   78   79   80   81   82