Page 72 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 72

Умсары Холорук бухатыыр,
                        Улахана бэрт буолан,
                        Оҕустаҕын аайы отой сыыһыталаата,
                        Дайбаатаҕын аайы таһы сыыһыталаата.
                        Уол буоллаҕына,
                        Оттуллан турар кутаалаах уоту,
                        Тула сүүрэ сылдьан,
                        Туора-маары ойуталаан,
                        Куотан биэрэ-биэрэ,
                        Ойоҕоһуттан кэлэ-кэлэ оноһуннаата.
                        Кэнниттэн кэлэ-кэлэ кэнэйдээтэ,
                        Кырыытыттан кэлэ-кэлэ кырбаата.
                        Ол курдук, уон хонук
                        Усталаах-туоратын тухары,
                        Тэбэн туран,
                        Тэбис-тэ²²э охсустулар.
                        Онтон кэнники өттүгэр
                        Умсары Холорук бухатыыр обургу
                        Охсоро омуннуран барда,
                        Сорук-боллур уол сордоох
                        Сэттэ төгүл сири харбыаласта,
                        Аҕыс төгүл ат буолуталаата,
                        Ол икки ардыгар,
                        Этэн баран, эҕирийиэх бэтэрээ өттүгэр,
                        Көрөн баран, чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр,
                        Ү²күрүс, күөлэһис гынна да,
                        Нуоҕалдьын кугас аттаах
                        Тойон Дьаҕарыма бухатыыр
                        Бэйэтэ бэйэтинэн буолан хаалла.
                        Онуоха
                        Умсары Холорук бухатыыр,
72
   67   68   69   70   71   72   73   74   75   76   77