Page 69 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 69
1. Айыы бухатыыра Умсары Холоругу туох диэн аат-
таата? Булан аах. Айыы дьонун туох диэн ааттыыр
сирин аах. Абааһы уолугар тугу эттэ?
2. Умсары Холорук соһуйбутун ойуулуур сири бу-
лан аах. Абааһы уола туттар тылын аах, хайдах
майгылааҕын эт.
3. Олоҥхо бу кэрчигин бэйэҥ тылгынан кэпсээ.
Буо-буо, буо!
Буор сирэй, бурҕалдьы* сото,
Түү²²үтэ түрүлүүр түөкүн,
Күнүскүтэ орулуур ороспуой!
Туох туһуттан
Бу дойду киэнин
Толомон сүөһүтүн бүтэрди²,
Дьолун-соргутун тохту²?
Көмүскэстээх сүрэхтээх
Күн айыы улуустарын күөмчүлээти²*,
Аһыныылаах санаалаах
Айыы-хаан аймахтарын атаҕастаатыҥ?
Киэ²нээх эрдэххинэ,
Киэр буола тардыый!
Дьоһуннаах эрдэххинэ,
Суох буола охсууй!
Онуоха
Абааһы уола обургу
Күүппэтэҕин көрбүт,
Эрэйбэтэҕин истибит киһи быһыытынан,
Кэмэ суохтук соһуйда даҕаны,
Кэмэ суохтук үөрдэ даҕаны:
Өрө эккирээн туран,
69