Page 68 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 68
«Сай-һат!» — диэбитинэн,
Салайа баттаан кэбистэ.
Тоҕус үтэһэлээх эт
Буһан буруолуу турар
Тууспаан кутаа уотугар тиийэн,
Туох да бокуойа суох
То² күөнүнэн тоҕо астаран кэбистэ.
Ол гынан баран,
Умсары холорук бухатыыры,
Уун-утары одуулаан туран,
Субу курдук диэн,
Үөҕэ-хомуруйа турда.
Тылбытын байытабыт
Урсун — ыраахтан эбэтэр хараҥаҕа чуолкайа суох
көстөр ыраах.
Толомон — бөдөҥ, талыы.
Оҥкумал — сүөһү бүлгүнүттэн саннын уҥуоҕар диэ-
ри.
Боскуйа — кэбиһиилээх кыра от.
Тааҕыллаах — дьүдьэйбит.
Оноҕос — ох.
Чаачар — булт сэбин чааһа.
Бүрэ — киһи хараҕар быраҕыллыбат, көрүҥэ суох.
68