Page 71 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 71

Бу сордоох, бу даҕаны
         Чооруос саҕа буоллар,
         Тумсун дуома туустаах буоллаҕа үһү.
         Эн баҕас, эрэйдээх,
         Миннийэлиир диэтэх киһини кытары,
         Кимнээх буолан, мэккиһээри гынаҕын, —
         Биирдэй даҕаны тиистэрикпэр
         Бэргэһэ буоларгын билбэккэ турабын! —

                                                           диэтэ даҕаны,
         Уу дьулайдарыгар* уурсубутунан бардылар.

Тылбытын байытабыт

Бурҕалдьы — көлүүр оҕуһа моонньугар кэтэр маһа.
Күөмчүлээ — атаҕастаа.
Туолката биллибэт — ис хоһооно өйдөммөт.
Уу дьулай — төбө оройугар баар уҥуох сиигэ.

      1. Икки бухатыыр хас хонук охсуста? Ким хотто?
          Тиэкистэн бул.

      2. Охсуһуу кэмигэр туох уларыйыы буолла? Умсары
          Холорук тоҕо соһуйда? Тиэкистэн аах.

      3. Кыыс хайаны ойуулааһынын булан аах.
      4. Икки бухатыыр охсуһар хартыынатын аах.
      5. Айыы бухатыыра кыайбытын туһунан булан аах.
      6. Икки бухатыыр охсуһуутун олоҥхо тылын туһа-

          нан кэпсээ.

                                                                                       71
   66   67   68   69   70   71   72   73   74   75   76