Page 74 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 74
Тылын былас таһааран,
Атаҕын баҕаналыы тэбэн баран,
Аҕылаан бөтүөхтүү-бөтүөхтүү,
Арай турар эрэ киһи буолла.
Оччо буолбут уһун сордооҕу
Нуоҕалдьын кугас аттаах
Тойон Дьаҕарыма бухатыыр
Тулутуох даҕаны киһи буолуо дуо? —
Дьоллоох төһүү ма²ан
Түһэҕэр мөхтөрөн,
Түөһүгэр диэри өрө көтөҕөн,
Өрүкүтэн таһааран,
Эргичитэн, тэлэкэчитэн аҕалан,
Сири сэттэ бэчээтинэй кэри²нээҕи
Сиҥнэри быраҕан түһэрдэ.
Күннүк Уурастыырап «Нуоҕалдьын Кугас аттаах То-
йон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхотун толору тиэки-
һин ылан көр, билис, ойууларын болҕой.
Күннүк Уурастыырап «Нуоҕалдьын Кугас аттаах То-
йон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардыы-
ны туруорарга бэлэмнэниҥ.
Оруолларынан үллэстиҥ. Көстүүмнэргитин бэлэмнэниҥ.
Үлэ уруогар наадалаах тэрилин, малын-салын, таҥа-
һын-сабын оҥостуҥ.
74