Page 82 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 82
— Чэ, сөп, кими да илдьибэппит.
Миша үөрүүтүттэн өрө ыстаҥалаата. Пушок үрэн
ньаргыйда. Васька эмиэ эккирэтэн барда: бастаан ос-
туол үөһэ ойдо уонна аҕаларын кофетын тоҕо көттө.
П. Фёдоров тылбааһа
Манна маарынныыр түгэни билэҕит дуо? Кэпсээҥ.
Николай Якутскай
ХОТОЙ ДО¡ОРО
1. Кэпсээни доргуччу аах.
2. Киһи хотойу кытта хайдах билистэ? Бааһырбыт хо-
тойу ойуулуур тыллары булан аах.
3. Киһи уонна хотой салгыы сыһыаннара хайдах буол-
ла?
4. Нөҥүө сылыгар туох буолла?
5. Ааптар туох санааны этэрий?
— Булка эн хайдах бачча баартааххыный?* — диэн,
миигиттэн үгүстүк ыйыталлар. Мин тоҕо бааттаныам
суоҕай, хотой доҕордоох буолан бараммын. Оннук, эһиги
сонньуйумаҥ*, дьиҥнээх хотой. Хотойтон ордук үөһэ
көтөр, хотойтон ордук ырааҕы, киэҥи көрөр туох баа-
рый! Онон мин хотой доҕордоохпун. Мин кинини кытта
доҕордоспутум өр буолла, — кырдьаҕас булчут оҕонньор,
отуу уотун аттыгар олорон, бааттаахтык бултуурун
82