Page 86 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 86

чугас соҕус кэлэн олорбута. Мин көрдөхпүнэ «бэрис!»
      диир курдук көрөр-истэр этэ. Тайахпын астаан, доҕорбор
      иһиттэн-үөһүттэн бэрсэн баран, дьиэлээтим. Ол күһүн хо-
      тойбун бу кэннэ көрсүбэтэҕим. Кыстыыр сиригэр соҕуруу
      барбыт быһыылааҕа.

            Ол эрээри үтүө көтөр миигин умнубатаҕа. Нөҥүө
      сааһыгар эргиллэн кэлэн, тиитин үрдүгэр түһэн олор-
      бута. «Сааскы киһи салбаммытынан» диэн өс хоһооно
      баар. Биһиги аспыт быстан олорорбут.

            Мин, доҕорум кэлэн олорорун көрөн, саабын илдьэ
      хотой тиитигэр тиийбитим. Көтөрүм миигин үөһэттэн өр
      соҕус одуулаһан баран, мин ойуур устун барбыппын
      батыһа көппүтэ.

            Ол курдук, иннибэр-кэннибэр түһэн барсан иһэн,
      сүтэн хаалбыта. Онтон ыраах соҕус чаҥыргыыр саҥата
      иһиллибитэ. Мин кини саҥатын хоту баран иһэн
      көрбүтүм — эмиэ биир тайаҕы хаайан туруорар этэ.

            Хор, сүдү көтөр оннук өйдөөх буолар эбит ээ. Биһиги
      ол курдук доҕордоһон, күн бүгүнүгэр диэри бултуубут. Үтүө
      көтөргө үчүгэйдик сыһыаннаһар, көр, оннук үчүгэй буолар.

            Эһиги, эдэрдэр, улахан көтөрү атаҕастаабат буолуҥ,
      кыһалҕалаах кэмигэр көмөлөһүҥ, оччо±о үйэтин тухары
      ону умнуо суоҕа!

       Тылбытын байытабыт

         Баартаах — ки´иэхэ туох эмэ дьол тосхойбут.

         Сонньуйар — тугу эмэ сүөргүлүүр, бэркиһиир эбэтэр
         дьиибэргээн, күлэр курдук муннунан «һы-һы» диир.

86
   81   82   83   84   85   86   87   88   89   90   91