Page 90 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 90

Уоскуйан көрбүтүм күн киирэн эрэр. Санаабар, күн
      миигин бадарааҥҥа хаалларан барарыттан санаарҕаабыт
      курдук, арҕаа дьааҥы үрдүгэр сытан, одуулаамахтаан
      баран киирэргэ дылы гынна. Атым бадараантан тахсан,
      ырыых-ыраах аһыы сылдьара саһарымтыйан көстөр. Уон-
      на төбөтүн өгдөҥнөтө-өгдөҥнөтө, «ый-йаһа-аа-а!» диэн
      кистээн дьырылатара «бадарааҥҥа тоҕо өр сытаҕын, чэ,
      таҕыс, барыах» дииргэ дылы. Абарбытым иннигэр туох
      кэлэн бу хара бадараантан сулбу тардан таһаарыай?

            Аҥаар илиим миигин син биир абыраабата. Мөхсөн
      көрдүм да, туох да туһа суох.

            Күүс эстэн, сэниэ быстан, нуурайан бардым…
            Күөх оһорсун тулалаах күөл кытыытыгар тиксэн оло-
      рор кустарга үөмэн киирдим. Улахан иитиилээх туркам
      сомуогун туруоран баран, хоһулуу сыттым. Биэс-алта кус
      саам сыалыгар киирэрин кытта төлө тардан кэбистим.
      Кус бөҕө табыллан, тэллэс гына түстэ. Булпун хомуйаа-
      ры буутум быстарынан ыстанным. Туохтан эрэ иҥнэн
      оҕуттум. Уһуктан кэлбитим, били бадарааным ортоту-
      гар сытар эбиппин. Түүлбэр сүрдээҕин ымсыырдым,
      бадарааҥҥа сытарбыттан өссө ордук хомойдум.
            Төбөбүн өрө көтөхпүппэр, кус саҥата «маат» диэн
      баран, ойоҕоспунан дуу, төбөм оройунан дуу көтөн аас-
      та. Мин уһун баттахтаах этим. Төбөм дэлби кыһыйда.
      Төбөм оройун тарбанаары гыммытым, арай сымыыты
      таарыйдым.
            Дьэ дьикти дии! Мин баттаҕым тула хойуу бадараан
      хаппыт, ол иһин төбөм оройо оҥхойон хаалбыт. Оруобу-
      на дулҕа курдук буолбут. Кураанах кус дулҕа төбөтүгэр
      сымыыттыыр идэлээх. Онон, бука, дулҕа дии санаан, кус
      төрөөбүтэ буолуо.
90
   85   86   87   88   89   90   91   92   93   94   95