Page 95 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 95
хаһан да истибэтэх саҥам. Эмиэ куул таһыгар тиийэн
түстэ, тоҥхоҥнуу-тоҥхоҥнуу саҥар да caҥap буолла.
Онтуката ырыа буолбатах, көрдөһөp дуу, сэмэлиир дуу
курдук иһиллэн, саарбах санаа ыалласта...
Моһуокка ылларбыт эрэйдээҕи эбии уйгуурдумаары,
атахпын сыыйа тардан, илиибин дайбаабакка сукуччу
туттан куул диэки хаамабын. Төрүүр сир харабыла, иэри-
мэ дьиэ эрэллээх иччитэ, эрбэҕим caҕa эрээри, мии-
гиттэн уйатын көмүскээн саҥара-саҥара эргийэ көттө.
Куулга чугаһыырым саҕана бэйэтин эккирэтиннэрээри
дуу, итиннэ тугум да суох, кыһаммаппын диэбиккэ дылы
ыраах бүтэйгэ тиийэн түстэ. Манна чыычаахтар оҥостор
түбүктэрин чааһы быһа ыраахтан кэтэһэрим, онтон биэс
сымыыт баар буолтун кэннэ, куулу сэрэнэн сэгэтэн
көрөрүм. Билигин кумааҕы куул курдат сытыйан, сир-
гэ хам сыстыбыт, ортотунан хотостубутугар ардах уута
баһыллыбыта куурбакка сытар. Хайа да өттүнэн уйаҕа
киирэр-тахсар ahaҕac хаалбатах. Бу чыычаах барахсан
олоҕор улахан иэдээн тахсыбытын тута сэрэйдим, куул
аҥаар төбөтүттэн өрө тардан көрөөт, төттөрү ыһыктан
кэбистим. Ийэлэрэ уйатын таһыгар умса түһэн, икки
кынатын ыһыктан хамсаабат буолбут. Күн сирин саҥа
көрбүт сыгынньах биэс оҕото аны аска наадыйан айах-
тарын оҕотун хаһан да тоһуйбат буолбуттар...
«Ийэ барахсан бастакы тобурах түһүүтүгэр, эбэтэр
куул сытыйан үрдэ ууланан хам баттыан иннинэ, саа-
тар бэйэтин тыынын тэскилэтэр кыахтааҕа эбитэ буо-
луо да, оннукка санамматах! Өлүөр диэри оҕолорун
араҥаччылаары уйаттан тэйбэтэх, ааҥнаабыт алдьархай-
тан оҕолорун көмүскээн туох баарынан бүөлүү-хаххалыы
сатаан кынатын сыыһын кытта сараппыт...» диэн саныы
95